Түөкүттэр аны учаастакка дураһыйан эрэллэр
Кэлиҥҥи кэмҥэ сирдээх, чааһынай дьиэлээх, даачалаах дьоҥҥо сүүһүнэн тыһыынча иэстээххит диэн түөкүттэр эрийэр буоллулар. Госземнадзор бэрэбиэркэтин түмүгүнэн, сир сокуонун кэспиккин, иэс бөҕө мунньуллубут, онон кыаммат буоллаххына, эрдэ-сылла учаастаккын бас билэргиттэн аккаастана оҕус диэн куттууллар. Өссө сокуону кэспиккин диэнинэн эрэ муҥурдамматтар, учаастагы көҥүлэ суох ылбыккын, туһааннаах аналынан туттубатаххын, онтон да атын кэһиилэри субурутан иһэллэр.
Итинник ыган-түүрэн баран, ыстарааптан куотар туһугар бэйэҥ тиийэн, хайа эрэ киһи туһатыгар хайаан да бас билэр быраапкыттан аккаастана оҕус, диэн итэҕэтэ сатыыллар.
Өскөтө ким эрэ эйиэхэ төлөпүөннээн, сир сокуонун кэспиккин, иэс, ыстараап бөҕө мунньуллубут диэтэҕинэ – ол чуолкай түөкүттэр. Росреестр да, атын ханнык да тэрилтэ дьону куттаабаттар. Сокуону кэспит буоллаххына, Росреестр официальнай сурук уонна “Госуслугаҕар” толорооччу нүөмэрин ыйан туран уведомление ыытар.
Саарбахтыыр буоллаххына, Росреестр территориальнай управлениетыгар эрийэн, справочнигынан бэрэбиэркэлээн көрүөххэ наада. Ол кэнниттэн приемҥа суруттаран эбэтэр эппиэттээх толорооччуну кытта кэпсэтэн үөскээбит балаһыанньаны дьүүллэһиэххэ наада. Уведомлениеҕа сокуону кэспиккин хайдах көннөрөр туһунан барыта болдьохтоох сурулла сылдьар.
Ким да төлөпүөнүнэн эрийэн куттаабат. Оннук эрийдэхтэринэ, саамай үчүгэй ньыма – сонно төлөпүөнү арааран, кэпсэтимиэххэ наада. Төһөнөн уһуннук ылахтаһаҕын да, докумуонуҥ араас дааннайдарын, дааталарын этэн биэрбиккин бэйэҥ да өйдөөбөккө хаалыаҥ. Түөкүн ол кэмҥэ эн оннугар докумуону толорон баран, өссө толорбутун манньатыгар бэйэҕиттэн харчы үктэтэн ылыа диэн сэрэтэр “Российская газета”.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: