Салгыы
Түөкүттэр аны устудьуоннары буулаатылар

Түөкүттэр аны устудьуоннары буулаатылар

04.04.2023, 12:13
Мария Васильева хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:

Түөкүттэр аны устудьуоннарга төлөпүөннээн харчы суйдуур буолбуттар. Ааспыт нэдиэлэҕэ ИДьМ Дьокуускайдааҕы салааларыгар харчыларын уордарбыт биэс устудьуонтан үҥсүү киирбит. Уопсай хоромньу сууммата 355 тыһыынчаҕа тэҥнэспит.

Баан үлэһиттэрин ааттарыттан ХИФУ 23 саастаах устудьуонугар эрийбиттэр уонна кини счетуттан харчы уоруллаары гыммытынан, утары кирэдьиит оҥорторорго сүбэлээбиттэр. Устудьуоҥка сөбүлэһэн 256 тыһыынча солкуобайы кирэдьиит оҥотторбут уонна түөкүттэр счеттарыгар ыыппыт. Кини бэйэтин уурумньутун сүтэрбитин ааһан кирэдьиит төлүүр буолбут.

Иккис түөкүннээһин 17 уонна 18 саастаах устудьуоннарга оҥоһуллубут. Кинилэр социальнай ситим нөҥүө атах таҥаһа сакаастаабыттар. Атыылааччы харчыларын утары көрдөөбүт. Устудьуоннар иккиэн уонтан тахсалыы тыһыынчаны ыытан кэбиспиттэр уонна атах таҥаһа суох хаалбыттар.

Төрдүс устудьуон ноутбук атыылаһаары киирэн биэрбит. Харчытын утары ыыппыт, ноутбугун ол курдук харахтаабатах даҕаны. Бэһис  устудьуон эбии үөрэххэ үөрэнээри 26 тыһыынчаны түөкүттэргэ ыытан кэбиспит.

Билигин төлөпүөнүнэн дьону албынныыр, харчы суйдуур түөкүттэр олус элбээтилэр. Онон ИДьМ сэрэтэринэн, билбэт нүөмэргит эрийдэҕинэ ылбат буолуҥ, ону сэргэ интэриниэккэ билбэт сыылкаҕытын хаһан да арыйымаҥ. Баан үлэһитэ эрийэн хаһан даҕаны харчыгытын атын счекка ыытыҥ диэбэт. Түөкүттэртэн сэрэниҥ!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 80% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: