Салгыы
Түөкүттэр “буосталара” хайдах үлэлиирий?

Түөкүттэр “буосталара” хайдах үлэлиирий?

21.06.2024, 13:15
Хаартыска: Объясняем.РФ.
Бөлөххө киир:

“Бу “Арассыыйа буостатыттан” эрийэбит. Эйиэхэ тас дойдуттан баһыылка кэллэ. Баһыылканы ылар туһугар таможня хомуурун төлүүр ирдэнэр” – диэн этиилээх эрийдэхтэринэ төлөпүөҥҥүтүн арааран кэбиһиҥ. Бу түөкүттэр саҥа ньымалара буолар диэн Объясняем.РФ иһитиннэрэр.

Дьон туох даҕаны баһыылканы кэтэспэт буолан харчы төлүүр санаата суох. Оччоҕо түөкүттэр: “Аккаас толорорго сүбэлииллэр, ону бигэргэтэр инниттэн СМС-нан кэлбит куоду эт” – дииллэр. Кинилэр сүрүн  соруктара – “Судаарыстыбаннай өҥө” тус кэбиниэтигэр эбэтэр баан сыһыарыытыгар киирии.

Салгыы тугу дьаһаналлар?

Өскөтүн түөкүттэр эһиги тус кэбиниэккитигэр, сыһыарыыгытыгар киирдэхтэринэ, ол көмөтүнэн кирэдьиит ыла сатыахтара эбэтэр тус дааннайдаргытын хомуйан баран кэлин атын түөкүннээһиҥҥэ туһаныахтара.

Өскөтүн төлөпүөҥҥүтүгэр баар баан сыһыарыытыгар киирдэхтэринэ баар харчыгытын устуохтара эбэтэр кирэдьиит ылыахтара.

Түөкүттэртэн бэйэҕитин бэйэҕит эрэ көмүскэнэр кыахтааххыт, хаһан да СМС-куоду кимиэхэ даҕаны этимэҥ уонна бу түөкүттэр быһыылаах диэн уорбалыы санаатаххытына тута төлөпүөҥҥүтүн араарыҥ.

Өйдөөҥ: тэрилтэ официальнай саайтыгар ыйыллыбыт нүөмэринэн төлөпүөннээн хаһан баҕарар иһитиннэриини бигэргэттэриэххитин сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: