Түөкүттэр Дьокуускай олохтооҕун 4,3 мөлүйүөҥҥэ албыннаатылар
13.02.2024, 15:21
Хаартыска: Мария Васильева (СИА)
Бөлөххө киир:
Дьокуускайга 70 саастаах дьахтарга телеграм-ханаал нөҥүө тэрилтэ салайааччытыттан силиэстийэлиир уорган бэрэбиэркэ ыытарын туһунан сурук кэлбит.
Салайааччы суругун кэннэ, сотору кэминэн, ФСБ уонна Росфинмониторинг үлэһиттэрэ буолан кубулунан түөкүттэр эрийбиттэр. Кинилэр дьахтар өйүн-санаатын булкуйан, кирэдьиит ыларга күһэйбиттэр. Дьахтар түөкүттэр ыйыыларынан-кэрдиилэринэн хас да кирэдьиит сайаапкатын оҥорон ыыппыт. Ылбыт кирэдьиит харчытын «куттала суох» счекка ыыталаабыт. Уопсайа 4,3 мөл.солк.суумалаах кирэдьиит ылан, түөкүттэргэ албыннаппыт.
Арассыыйа Федерациятын Холуобунай Кодексатын «Түөкүннээһин» (улахан суумаҕа түөкүннээһин) 159 ыст. 4 ч. холуобунай дьыала тэриллибит.
Билиҥҥи туругунан силиэстийэлиир үлэлэр ыытыллаллар. Саха сирин борокуратуурата бу дьыаланы хонтуруолга ылла.
+1
+1
1
+1
+1
+1
2
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: