Түөкүттэр өлбүт киһи саҥатын үтүктэр буолбуттар
07.11.2024, 15:45
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:
Түөкүттэр күн-түүн иитэ-саҕата суох баран иһэллэр.
Аны өлбүт киһи саҥатын үтүгүннэрэн, кини аатыттан онто суох ыар аһыыга ыллара сылдьар чугас киһитигэр эрийэн, харчы көрдүүр идэлэммиттэр. Хайдах оннук гыналлар диэтэххэ, оҥоһуу өй (ИИ) көмөтүнэн бокуонньук куолаһын үүт-үкчү гына үтүгүннэрэллэр эбит.
Татарстаҥҥа биир кыыс чуут киирэн биэрэ сыспыт: арай ийэтэ “анараа дойдуттан” эрийэн, Тибет учуонайдара анараа-бэтэрээ дойдулары холбуур сибээһи айаннар, бу эрийэ турарын туһунан кэпсээбит. Сибээспит төлөбүрдээх эбит, онон суһаллык “холбоон биэрээччи” каартатыгар 20 тыһ. солк. уга оҕус диэбит.
Дьолго аттыгар өйдөөх-төйдөөх кэргэнэ баар буолан, харчыны ыыппатахтар.
Дьэ итини этэн эрдэхтэрэ, куһаҕантан киһи да күлэр диэн.
+1
+1
4
+1
3
+1
+1
9
+1
+1
6
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: