Түөкүттэр «Энергосбыт», ФСБ аатыттан эрийэллэр
Ааспыт суукка иһигэр Дьокуускай полициятыгар үҥсүбүт икки дьахтар түөкүттэр сиэртибэлэрэ буолбуттар. Уопсайа 2 мөлүйүөн солкуобайтан тахса сууманы түөкүттэргэ ыыппыттар диэн ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
61 саастаах биэнсийэлээх дьахтарга «Энергосбыт» сымыйа «үлэһитэ» эрийбит уонна: «Счетчиктарыҥ эргэрбиттэр, уларытыахха наада, билигин СМС-код кэлиэ, ону эт», — диэбит. Дьахтар итэҕэйэн, барытын эппит. Онтон аны «быраабы харыстыыр уорган үлэһитэ» эрийбит уонна: «Госуслуги» баар кэбиниэккин алдьаппыттар, билигин харчыгын уоруохтара», — диэн ыган-түүрэн барбыт.
Дьахтар ыксаан, түөкүттэр ыйыыларынан бааҥҥа баран, харчытын устубут уонна саҥа төлөпүөнү атыыласпыт, онно «Мир рау» сыһыарыыны хачайдаабыт. Туох баар харчытын онно ыйыллыбыт счекка ыыппыт. Түөкүттэр сымыйа дастабырыанньалары көрдөрөллөр эбит уонна «эйигин кэтии сылдьабыт, төлөпүөҥҥүн курдат истэбит» диэн куттаабыттар аҕай. Онон дьахтар 1,3 мөлүйүөн солкуобайын мэлиппит.
67 саастаах учуутал дьахтарга завуч аатыттан суруйбуттар. «ФСБ бэрэбиэркэтин түмүгүнэн, кыраныысса тас өттүгэр харчы ыыта олорор эбиккин диэн уорбалаабыттар», — диэн сурук кэлбит. Ол кэнниттэн эмиэ «ФСБ үлэһиттэрэ» эрийэн, саҥа төлөпүөн атыылаһарга, «Мир рау» сыһыарыыны хачайдыырга уонна харчыны ыытарга соруйбуттар.
Куттаммыт дьахтар бары сорудахтарын толорбут уонна түөкүттэргэ 475 тыһыынча солкуобайы ыыппыт. Сарсыныгар эмиэ эрийбиттэр уонна өссө 2 мөлүйүөн солкуобайы кирэдьиит ылан, ыытарыгар соруйбуттар. Манна эрэ дьэ, түөкүттэргэ түбэспитин дьахтар өйдөөбүт уонна полицияҕа үҥсүбүт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: