Түөкүттэр «Энергосбыт», ФСБ аатыттан эрийэллэр

Share

Ааспыт суукка иһигэр Дьокуускай полициятыгар үҥсүбүт икки дьахтар түөкүттэр сиэртибэлэрэ буолбуттар. Уопсайа 2 мөлүйүөн солкуобайтан тахса сууманы түөкүттэргэ ыыппыттар диэн ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

61 саастаах биэнсийэлээх дьахтарга «Энергосбыт»  сымыйа «үлэһитэ» эрийбит уонна: «Счетчиктарыҥ эргэрбиттэр, уларытыахха наада, билигин СМС-код кэлиэ, ону эт», — диэбит. Дьахтар итэҕэйэн, барытын эппит. Онтон аны «быраабы харыстыыр уорган үлэһитэ» эрийбит уонна: «Госуслуги» баар кэбиниэккин алдьаппыттар, билигин харчыгын уоруохтара», — диэн ыган-түүрэн барбыт.

Дьахтар ыксаан, түөкүттэр ыйыыларынан бааҥҥа баран, харчытын устубут уонна саҥа төлөпүөнү атыыласпыт, онно «Мир рау» сыһыарыыны хачайдаабыт. Туох баар харчытын онно ыйыллыбыт счекка ыыппыт. Түөкүттэр сымыйа дастабырыанньалары көрдөрөллөр эбит уонна «эйигин кэтии сылдьабыт, төлөпүөҥҥүн курдат истэбит» диэн куттаабыттар аҕай. Онон дьахтар 1,3 мөлүйүөн солкуобайын мэлиппит.

67 саастаах учуутал дьахтарга завуч аатыттан суруйбуттар. «ФСБ бэрэбиэркэтин түмүгүнэн, кыраныысса тас өттүгэр харчы ыыта олорор эбиккин диэн уорбалаабыттар», — диэн сурук кэлбит. Ол кэнниттэн эмиэ «ФСБ үлэһиттэрэ» эрийэн, саҥа төлөпүөн атыылаһарга, «Мир рау» сыһыарыыны хачайдыырга уонна харчыны ыытарга соруйбуттар.

Куттаммыт дьахтар бары сорудахтарын толорбут уонна түөкүттэргэ 475 тыһыынча солкуобайы ыыппыт. Сарсыныгар эмиэ эрийбиттэр уонна өссө 2 мөлүйүөн солкуобайы кирэдьиит ылан, ыытарыгар соруйбуттар. Манна эрэ дьэ, түөкүттэргэ түбэспитин дьахтар өйдөөбүт уонна полицияҕа үҥсүбүт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
10
+1
0
+1
6

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Лөкөчөөннөр байыаннай дьайыыга аһынан көмөлөһөллөр

Бу күннэргэ Бүлүү улуһуун Лөкөчөөн нэһилиэгин олохтоохторо бэйэлэрэ бултаабыт кустарын, куобахтарын, балыктарын, о.д.а. төрүт астарын …

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Волейболга өрөспүүбүлүкэ күүстээхтэрэ күөн көрсүөхтэрэ

Бу субуотаҕа, тохсунньу 18 күнүгэр, киэһэ 19 чаастан “Саха” НКИХ Кубогар волейболга күрэхтэһии саҕаланар. Сылы…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Барыластан куоракка 20 чаас айанныылар

Хоту дойдуга кыһыҥҥы суол хойутаабакка аһыллара, үчүгэйдик оҥоһуллара эргиччи туһалаах.  Ол курдук, хоту дойду олохтоохторо…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Кыратык күлэ түһүөххэ…

Биһиги эрэллээх ааҕааччыбыт Августина Семеновна Хабарова-Владимирова  “Саха сирэ” хаһыат ааҕааччыларын Эргэ Саҥа дьылынан күлэ-үөрэ, сынньана…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тимир суол билиэтин эрдэттэн атыылаһар барыстаах

Тимир суол үлэҕэ киирэн, Саха сирин олохтоохторо айан бу көрүҥүн бэркэ туһанан эрэллэр. Чахчы да,…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Үҥкүрдэр маскировочнай сиэккэ лиэнтэтин быһар станогу оҥорбуттар

Саха сирин элбэх тэрилтэтэ харчынан кыттыһан, гуманитарнай көмө хомуйан, маскировочнай сиэккэ баайан  байыаннай дьайыыга бэйэтин…

7 часов ago