Түөкүттэр кырдьаҕас киһиттэн 1,7 мөл. солк. харчытын уордулар
10.02.2024, 11:39
СИА хаартыската.
Бөлөххө киир:
Өрөспүүбүлүкэҕэ ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу үс түбэлтэтэ бэлиэтэннэ диэн СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Дьокуускайга уонна Нерюнгрига дьону албыннааһын туһунан иһитиннэрии киирдэ. 1951 с.т. Нерюнгри кырдьаҕас олохтооҕуттан албыннаан-түөкүннээн 1,7 мөл.тахса харчытын уордулар.
Дьокуускай куоракка Авиационнай уулусса биир дьиэтигэр сокуоннайа суох сүүйсүүлээх оонньууну тэрийэн ыыталларын туппуттар.
Суукка иһигэр 5 техногеннай баһаар тахсыбыт, өлүү уонна эчэйии суох.
Киһи өлүүлээх суол-иис быһылаана тахсыбыта бэлиэтэммэтэ.
Суукка иһигэр арыгы иһэн баран тырааныспары ыыта сылдьар 6 суоппар тутулунна.
+1
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: