Түөкүттэр оскуола чааттарын нөҥүө харчы хомуйаллар
Балаҕан ыйын 1 күнэ буолуон иннинэ социальнай ситимнэргэ баар оскуола чааттарын туһанар сыаллаах-соруктаах фишинговай (албын) саайтар эмискэ элбээбиттэрин “Известия” хаһыат иһитиннэрэр.
Түөкүттэр социальнай ситимнэр нөҥүө кылаас салайааччыларын, дириэктэрдэр аккауннарын булан ылаллар уонна онтон хантаактары хостоон таһаараллар. Эбэтэр төлөпүөннэрин нүөмэрин оскуола саайтарыттан, страницаларыттан ылыахтарын, төрөппүт быһыытынан киирэн көрдүөхтэрин да сөп. Бу кэнниттэн дириэктэр, кылаас салайааччытын төлөпүөннэрэ, электроннай буосталара фишинговай атаакаҕа түбэһэр: лотереяҕа сүүйбүккүн диэнтэн саҕалаан, көмпүүтэри көмүскүүр ПО туруорууга тиийэ араас “наадалаах” этии бөҕө киирэр.
Манныкка сыыһа туттаран, сигэнэн киирэн хааллаххына, түөкүттэр киирэн дааннайдары уоран ылаллар.
Аккауны алдьатан баран, уруккуттан баар эбэтэр саҥа арыллыбыт төрөппүттэр бөлөхтөрүн туһанан, оскуола, кылаас наадатыгар харчы хомуйабыт диэн счеттаах биллэриини ыыталлар. Хомуур 500 солк. — 5 тыһ. солк. араастаһар. От уонна атырдьах ыйдарыгар маннык 400-чэкэ бөлөҕү тохтоттулар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: