Түөкүттэр  оскуола чааттарын нөҥүө харчы хомуйаллар

Share

Балаҕан ыйын 1 күнэ буолуон иннинэ социальнай ситимнэргэ баар оскуола чааттарын туһанар  сыаллаах-соруктаах фишинговай (албын) саайтар эмискэ элбээбиттэрин “Известия” хаһыат иһитиннэрэр.

Түөкүттэр социальнай ситимнэр нөҥүө кылаас салайааччыларын, дириэктэрдэр аккауннарын булан ылаллар уонна онтон хантаактары хостоон таһаараллар. Эбэтэр төлөпүөннэрин нүөмэрин оскуола саайтарыттан, страницаларыттан ылыахтарын, төрөппүт быһыытынан киирэн көрдүөхтэрин да сөп.  Бу кэнниттэн дириэктэр, кылаас салайааччытын төлөпүөннэрэ, электроннай буосталара фишинговай атаакаҕа түбэһэр: лотереяҕа сүүйбүккүн диэнтэн саҕалаан, көмпүүтэри көмүскүүр ПО туруорууга тиийэ араас “наадалаах” этии бөҕө киирэр.

Манныкка сыыһа туттаран, сигэнэн киирэн хааллаххына, түөкүттэр киирэн дааннайдары уоран ылаллар.

Аккауны алдьатан баран, уруккуттан баар эбэтэр саҥа арыллыбыт төрөппүттэр бөлөхтөрүн туһанан, оскуола, кылаас наадатыгар харчы хомуйабыт диэн счеттаах биллэриини ыыталлар. Хомуур 500 солк. — 5 тыһ. солк. араастаһар. От уонна атырдьах ыйдарыгар маннык 400-чэкэ бөлөҕү тохтоттулар.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: Чэй күнүгэр кучу чэйи иһиҥ

Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…

53 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн үгүс улуустарга хаар түһэрэ күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

13 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

13 часов ago