Түөкүттэр салайааччылар куоластарын үтүгүннэрэн эрийэр буоллулар
Ис дьыала министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, дистанционнай түөкүттэр Саха сирин олохтоохторуттан икки ый иһигэр 100 мөл. солк. тахса харчыны уорбуттар.
Дьокуускай куорат 61 саастаах биэлсэригэр түөкүттэр сымыйанан начаалынньыгын куолаһын үтүгүннэрэн төлөпүөннээбиттэр. Эмсэҕэлээччи салайааччым эрийдэ диэн тута итэҕэйбит. Куолаһа, хайдах кэпсэтэрэ барыта маарыҥныыр эбит. Албын «салайааччы» дьахтарга сотору биир улахан суолталаах боппуруоһунан сибээскэ тахсыахтарын туһунан эппит. Маннык иһитиннэриини биэлсэр телеграмыгар эмиэ ыыппыттар. Бу күн дьахтарга куттал суох буолуутун отделын кураторабын диэн биир киһи эрийбит уонна үрдэтиллибит хамнаһы ыларын туһунан киниэхэ сайабылыанньа киирбитин туһунан эппит. Салгыы эмсэҕэлээччини кытары эр киһи сибээскэ тахсыбыт уонна дьахтар нолуогун счетуттан 600 000 солкуобайы атын дойдуга көһөрбүттэрин туһунан эппит. Бу кэмҥэ киниэхэ мессенджергэ видеосибээһинэн Росфинмониторинг иниспиэктэрэ эрийэн, бу иннигэр эрийбит киһи этиитин барытын бигэргэппит уонна холуобунай эппиэтинэскэ тардыллыан сөбүн туһунан куттаабыт. Дьахтар улаханнык долгуйан, иниспиэктэр ыйыытынан кирэдьиит ылбыт, өссө сим-каарталаах саҥа төлөпүөн атыыласпыт уонна «Mir pay» сыһыарыынан мөлүйүөн солкуобайы ыыппыт. Бу кэнниттэн аферистар өссө атын баантан кирэдьиит ыларга күһэйбиттэр. Росфинмониторинг албын үлэһитин ыйыытынан-кэрдиитинэн кини ылбыт харчытын банкоматынан ыыппыт. Хомойуох иһин, дьахтар икки күнүнэн эрэ биирдэ түөкүттэр албыннарыгар киирбитин өйдөөбүт. Инньэ гынан уопсайа 2 мөл. 350 тыһ. солк. маппыт.
Түөкүттэр өссө биир сиэртибэлэринэн 67 саастаах судаарыстыбаннай тэрилтэ отделын начаалынньык дьахтара буолбут. Дьахтарга салайааччытын аатыттан эрийэн, «Telegram» ситимҥэ судаарыстыбаннай куттал суох буолуутун боппуруостарынан дьарыктанар киһи эрийиэҕэ диэн эппиттэр. Уорганнар албын үлэһиттэрин уонна Росфинмониторинг исписэлииһин ыйыыларынан, дьахтар баантан автокирэдьиит ылбыт. Ол харчытын банкоматынан атын счекка ыыппыт. Түөкүттэр өссө өрө баран, дьахтары үлэтиттэн көҥүллэтэн баран атын баантан кирэдьиит ыларыгар сүбэлээбиттэр. Бу кэнниттэн эмсэҕэлээччи чугас дьонугар бу туһунан кэпсээбит. Онуоха дьоно түөкүттэр албыннарыгар киирбиккин диэн өйдөтөн эппиттэр. Дьахтар аферистарга 860 тыһ. солк. биэрбит.
Хомойуох иһин, түөкүттэр салайааччы аатыттан эрийэн, дьону хабалаҕа киллэриилэрэ элбээтэ. Онон, манныкка киирэн биэрбэт туһуттан, тута бэйэҕит салайааччыгытыгар эрийэн чопчулаһыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: