Түөкүттэр дьону албынныырга саҥа ньыманы толкуйдаабыттар. «Баһыылкаҥ кэллэ, ону сыһыарыы эрэ көмөтүнэн ылаҕын» диэн албынныыр буолбуттар. Бу туһунан СӨ борокуратууратын пресс-сулууспата сэрэтэр.
Билигин үгүс киһи араас табаары интэриниэтинэн суруттаран ылар. Ол иһин маннык албыҥҥа ханнык баҕарар киһи түбэһиэн сөп.
Бу курдук түөкүттэр 65 саастаах биэнсийэлээх дьахтары албыннаабыттар. «Сакаастаабыт баһыылкаҥ кэллэ, ону төлөпүөҥҥэр сыһыарыы хачайдаатаххына эрэ, ылаҕын» диэн буолбут. Дьахтар «бэйэм баран, ылыам» диэбитин, мобильнай сыһыарыы эрэ нөҥүө ылыллыахтаах диэн итэҕэппиттэр.
Түөкүттэр ыыппыт сигэлэринэн киирэн, сыһыарыыны хачайдаабытын кэннэ, төлөпүөнэ үлэлээбэт буолан хаалбыт.
Бу кэнниттэн «баан» уонна «быраабы харыстыыр уорганнар» үлэһиттэрэ эрийэн, «эн ааккыттан улахан кирэдьиити ылан эрэллэр» диэн ыкпыттар, ыксаппыттар. Онон туох баар харчытын уонна өссө саҥа кирэдьиити ылан, «куттала суох счекка» ыытарга күһэйбиттэр. Онон биэнсийэлээх дьахтар барыта 1,8 мөлүйүөн солкуобайын сүтэрбит.
Борокуратуура сэрэтэринэн, төлөпүөнүнэн ким баҕарар диэн ааттаммыт дьон сорудахтарын толорор, ыыппыт сигэлэрин арыйар, сыһыарыыларын хачайдыыр табыллыбат.
Дьиҥнээх баан үлэһиттэрэ да, быраабы көмүскүүр уорганнар бэрэстэбиитэллэрэ да киһиэхэ эрийэн, счеттан харчыны устарга, кирэдьиит ылан, «куттала суох счекка» ыытарга күһэйбэттэр.
Маннык эрийэр, куттуур, ыксатар буоллулар да, төлөпүөнү арааран баран, тута бааҥҥа эрийэн, билсиэххэ наада.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…