Түөкүттэр «СБП»-төлөбүрүнэн албынныыр буоллулар
Түөкүттэр баан сыһыарыытыгар Түргэн төлөбүр систиэмэтин (СБП) туһанан, дьону албынныыр буолбуттар. «СБП» олус табыгастаах, түргэн, хамыыһыйата суох, ол эрээри, сэрэхтээх буолуон сөп. Ол туһунан «ИТ-Резерв» хампаанньа дириэктэрэ Павел Мясоедов «Прайм» ааҕыныстыбаҕа кэпсээтэ.
Хайдах гынан дьону угаайыларыгар киллэрэр эбиттэрий? Хакердар интэриниэт-маҕаһыын баазатын алдьатан баран, сакаас киирэрин кэтэһэллэр. Сакаас киирдэҕинэ, сиэртибэҕэ «СБП» нөҥүө төлүүргэ сымыйа сигэни ыыталлар. Сакаасчыт табаар атыылаһыам этэ диэн, сымыйа сигэни баттаатаҕына, кини каартатыттан харчытын «суйдаан» ылаллар.
Бу «СБП» систиэмэ харчыны чыпчылыйыах түгэнигэр түп-түргэнник ыытар, онтон төнүннэрэр кыаллыбат. Түөкүттэр харчыны устаат, суолларын сапталлар, кинилэри булар уустук буолар.
Бу маннык албыҥҥа киирэн биэрбэт туһуттан, тугу гыныахха сөбүй? Төлүөх иннинэ сигэни кичэйэн көрүөххэ, бэрэбиэркэлиэххэ наада. Ойон тахсан көстүбүт «түннүккэ» интэриниэт-маҕаһыын аата, дааннайдара көстүөхтээхтэр. Ордук QR-куодунан төлүүр сэрэхтээх — маннык түгэҥҥэ маҕаһыын реквизиттэрэ «аптамаатынан» тахсаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: