Түөкүттэр соруйан ыгылыталлар
Ааспыт нэдиэлэҕэ Саха сиригэр 7 киһи төлөпүөн түөкүттэрин угаайыларыгар киирэн биэрбиттэр. Барыларыттан уопсай 7,6 мөлүйүөн солкуобайы суйдаабыттар.
Албыннаппыт дьон элбэхтэ кэпсэммит, быһаарыллыбыт түһөкүннээһин ньымаларыгар киирэн биэрбиттэр. Ол курдук, 4 киһини «ФСБ», «Арассыыйа Киин Баанын», «Баан сулууспатын» үлэһитин аатыттан эрийэн куттаабыттар, “куттала суох счекка” харчыларын көһөрөргө итэҕэппиттэр. Икки киһини криптовалютаҕа инвестициянан ымсыырдыбыттар, биир киһи интириниэккэ табаар атыылаһаары харчытыттан маппыт.
Албыннаппыт дьон уопсастыба араас араҥаларыгар киирэллэр – биэнсийэлээх кырдьаҕастар, мэдиссиинэ, юрист, судаарыстыбыннай тэрилтэ үлэһиттэрэ.
Түөкүттэр сүрүн албастарыттан биирдэстэрэ – сиэртибэни уолуйуу туругар киллэрии. Ол туһугар тохтоло суох ыксаталлар, араас куһаҕан быһылааннарынан куттууллар. Ыгылыйбыт киһи төһө даҕаны үөрэхтээх, өйдөөх да киһи буолбутун иһин, сөпкө толкуйдуур дьоҕура мөлтүүр. Ханнык баҕарар түгэҥҥэ куруубайдыыр, куттуур кэпсэтээччи эһиэхэ итинник сыһыаннаһар бырааба суох. Ол иһин, кыра да уорбалааһыҥҥа, саарбах кэпсэтиини туох да кэтэх санаата суох тохтоппут саамай сөптөөх туттунуу.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: