Салгыы
Түөкүттэр тоҕо эрийэн баран, арааралларый?

Түөкүттэр тоҕо эрийэн баран, арааралларый?

12.03.2024, 19:10
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Түөкүттэр эрийэн баран, тоҕо тугу да саҥарбакка, арааран кэбиһэллэрий? Эн саҥаҕын истэн, тугу туһаналларый? 

Ханнык баҕарар киһи манныкка түбэспит буолуохтаах. Билбэт нүөмэргиттэн ким эрэ эрийэр уонна «алуо!» диэккин кытары, эбэтэр, саҥара да иликкинэ, арахсан хаалаллар. Дьэ, тоҕо маннык гыналларый?

Түөкүттэр да, рекламаны тарҕатааччылар да абоненнар баазаларын кууһунан атыылаһаллар. Бу баазаттан төһө эрэ бырыһыана үлэлээбэт нүөмэрдэр буолаллар. Маны быһаарар туһуттан, бэйэтэ эрийэр роботу холбууллар.  Бу робот бааза нүөмэрдэригэр барыларыгар эрийэр, ким эрэ төлөпүөнүн ыллаҕына, ону бэлиэтээн иһэр.

Ити кэнниттэн анал үөрэхтээх түөкүн эрийэн, араастаан албыннаан, харчыны ыһыгыннара сатыаҕа. Эбэтэр, эрийии быстан хааллаҕына, сорох дьон, баҕар, наадалаах дьон эрийбитин ылбакка хааллым диэн  хардары эрийэллэр.  Оччотугар бу төлөпүөн сороҕор төлөбүрдээх буолар, эн эрийдэххинэ, каартаҕыттан 30-50 солкуобайы устар. Кыра суума курдук эрээри, «бэйи, отонноотоххо, оҥоойук туолар». Харчы хомуйар анал систиэмэлэр бааллар.  1 мөлүйүөн киһиттэн 50-нуу солкуобайы хомуйдахха, 50 мөлүйүөн буолар эбээт.

Эбэтэр, угуйугу тарҕатааччылар маннык ньыманы эмиэ туттан, харчыларын экэниэмийэлииллэр. Эрийэн баран, арааран кэбистэхтэринэ, килийиэн хардары эрийэр, оччоҕо кэпсэтии төлөбүрүн кини төлүүр. Оттон угуйугу эн суоккар табаарын (тэрилтэтин) туһунан кэпсиир.

Дьиҥинэн, сөбүлэҥин биэрбэтэх киһиэхэ быһаччы эрийэн,  угуйугу ыытар бобуллар. Ол сокуону туораан, киһи бэйэтэ хардары эрийэрин курдук оҥоро сатыыллар. Оччоҕо киһи бэйэтэ сөбүлэспит курдук буолар. Онон атын эрэгийиэннэртэн эрийэн кэлбит нүөмэрдэри ылбат ордук.  Арааран кэбиһиҥ, оччоҕо «бу киһи ылбат эбит» диэн аны эрийиэхтэрэ суоҕа. Хаһан да хардары эрийимэҥ.

Эбэтэр, нүөмэри быһаарар уонна спамы тохтотор сиэрбиһи холботуохха сөп. Саха сиринээҕи нүөмэрдэр маннык сыыппаралартан саҕаланаллар:

МТС: 8914… 8984…

Мегафон: 8924… 8925…

Билайн: 8967…

Йота: 8999… 8996…

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
3 мая
  • 4°C
  • Ощущается: 1°Влажность: 60% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: