Сэрэниҥ! Түөкүттэр араас албастаахтар

Share

Сэрэниҥ!  Түөкүттэр дьон харчытын муҥура суох ыла олорор туһуттан араас албаһы тутталлар. Ол курдук, ааспыт сууккаҕа түөрт киһини угаайыларыгар киллэрбиттэр. 

Мэҥэ Хаҥалас улууһун олохтооҕо 1 700 000 солк. мэлийбит. Кинини Киин баантан төлөпүөннүүбүт диэн албыннаабыттар.

МФЦ үлэһитэбин диэн төлөпүөнүнэн албыннаан эрийбиттэригэр, Нерюнгри олохтооҕо  итэҕэйэн, 500 000 солк. тахса харчытын ыыппыт.

Мииринэйгэ олорор киһиэхэ «Энергосбыттан» төлөпүөннүүр аатыраннар, бу киһи 180 000 солк. «сотон ылбыттар».

Дьокуускай олохтооҕун ФСБ үлэһитэбин диэн төлөпүөннээн албыннаабыттар. Ол түмүгэр, биэнсийэлээх дьахтар 450 000 солк. мэлийбит.

Түөкүттэр араас албастара элбэх. Ол туһунан биһиги күннэтэ иһитиннэрэ, биллэрэ уонна сэрэтэ олоробут. Саамай кылаабынайа, #Төлөпүөнү ылыма, кэпсэтимэ. Оччоҕуна харчыгыттан мэлийиэҥ суоҕа диэн судургу сүбэни этэбит, хатылыыбыт.

Саха сирин ытыктабыллаах олохтоохторо. 2025 сылы иэһэ суох көрсөргүтүгэр баҕарабыт. Өйдөөҥ, түөкүттэр төлөпүөннээннэр, араастаан албынныыллар, кирэдьиит ыллаттара сатыыллар. Ону таһынан, үп-харчы төннөрүллэр диэн угаайыларыгар киллэрэ сатыылларын умнумаҥ.

Билбэт дьоҥҥутугар итэҕэйимэҥ. Кинилэри кытта кэпсэтимэҥ диэн СӨ ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
1
+1
0
+1
4
+1
0
+1
3

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Худуоһунньук дьоруойдара — үлэ дьоно

Бу күннэргэ СӨ Национальный художественнай мусуойугар Саха сирин народнай худуоһунньуга Николай Иннокентьев 80 сааһыгар  анаммыт…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Чөл мөссүөннээх  Саҥа  дьылынан!

Дьэ, доҕоттоор, «күннээх сампаан», «сухуой кыһыл» утахтаах Саҥа дьыллаан бүттэхпит. Биир бэйэм итинник кытаанахтык быһаарынным.…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Сылы түмүктүүр оһуохай Кыайыыны түстээтэ

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Оһуохай уопсастыбата сылы түмүктүүр оһуохайа Кыайыыны түстээтэ.     Күнүс 1 чаастан "Арчы" дьиэтигэр…

8 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Ыраастаныы

Ыраастаныы киһи киртийдэҕинэ оҥоһуллар. Киһиэхэ кир тастан киирэр. Ким эрэ куһаҕаны эппитэ, күннээҕи олоххо туох…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кириэс Халдьаайы олохтоохторо саҥа балыыһаланыахтарын баҕараллар

Бу күннэргэ Томпо улууһун Кириэс Халдьаайы учаастактааҕы балыыһата 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ. Бу туһунан Мэҥэ…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Утумнар» тэрийбит Саҥа дьыллара уратытынан сөхтөрдө

"Утум" хампаанньа Саҥа дьыл бырааһынньыгын көрсө бэртээхэй тэрээһини тэрийдэ. Саала оҕо-аймах саҥатынан чугдаарда! Төрөппүттэр оҕолорун,…

9 часов ago