Түөкүттэр учууталлары, иитээччилэри, биэнсийэлээхтэри, устудьуоннары сүгүн олордубаттар
Ааспыт нэдиэлэҕэ түөкүттэр албыннарыттан Саха сирин 19 олохтооҕо эмсэҕэлээтэ, уоруллубут үп уопсай суумата 19,1 мөл. солк. таҕыста.
Түөкүттэр сиэртибэлэринэн 5 биэнсиэйэлээх киһи, 2 учуутал, 1 быраас, 1 пилот-инструктор, 1 оҕо саадын иитээччитэ, 1 култуура тэрилтэтин салайааччытын солбуйааччы, 1 бухгалтер, 1 устудьуон уо.д.а. буоллулар диэн СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр.
Буруйу оҥоруу 5 түбэлтэтигэр «ФСБ» уонна «Центробанк» үлэһиттэрэбит диэн кубулунан, 6 түбэлтэ инвестицияҕа харчыны уктаран, 3 түбэлтэ бассаап (*признана экстремисткой организацией, ее деятельность запрещена в России) сыһыарыытын «алдьатан» киирэн албыннаабыттар, 3 «Интэриниэт» ситимин нөҥүө табаары атыылааһын уонна өҥөнү оҥоруу биллэриитинэн отоойкоҕо олордубуттар. Түөкүннээһин 1 түбэлтэтэ төлөпүөн абонеменын болдьоҕор төлөөбөккө араарылларынан куттаан, өссө биир түгэн «аймаҕыҥ суол быһылааныгар түбэстэ» диэн оҥоһуллубут.
Онон сиэттэрэн СӨ Борокуратуурата түөкүттэр албыннарыгар киирэн биэримэҥ, болҕомтолоох буолуҥ диэн сэрэтэр.
(*признана экстремисткой организацией, ее деятельность запрещена в России)
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: