Түөкүттэр учууталы уонна преподаватели хас да мөлүйүөҥҥэ албыннаабыттар

Share

ИДьМ Саха сиринээҕи салаатын Дьокуускайдааҕы 4-с №-дээх отделын дьуһуурунай чааһыгар 65 саастаах учуутал үҥсүү суруйбут. Бу туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр. 

Кини «Telegram» ханаалынан оскуола дириэктэрин аатыттан быраап уорганын үлэһиттэрэ төлөпүөннүөхтэрэ диэн иһитиннэрии кэлбит. Аҕыйах мүнүүтэ буолан баран кырдьык төлөпүөннээн, кини аатыттан кыраныысса тас өттүгэр харчы ыыппыттарын туһунан эппиттэр. Итиэннэ бу учуутал уорбаланааччы буоларын уонна киниэхэ холуобунай дьыаланы тэрийиэхпит диэн куттаабыттар. Куттаммыт учуутал түөкүттэр тугу эппиттэрин толорбут, Дьокуускай куорат биир бааныгар баар уурунуу харчытын устан баран атын счекка ыытарыгар соруйбуттар. Дьахтар түөкүттэр эппиттэрин барытын толорон баран дьиэтигэр баран истэҕинэ түөкүттэр саанан тураннар, өссө атын баантан эмиэ харчытын уһултарбыттар. Учуутал дьахтар төһө сууманы устуон баҕарарын билэн баран баан үлэһиттэрэ түөкүттэр элбээбиттэринэн, ону кытары сибээстээх диэннэр, биэримээри гыммыттар. Ол эрээри түөкүттэр дьахтар төбөтүн эргитэннэр, атын биричиинэни эппиттэр. Ол киэһэ дьахтар дьиэтигэр төлөпүөнүн көрдөрөр аатыран аймаҕын ыҥырбыт уонна туох буолбутун кэпсээбит. Онно эрэ аймаҕа дьахтар түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрбитин быһаарбыт. Хомойуох иһин, дьахтар ол кэмҥэ 5,5 мөлүйүөн солкуобайыттан тахса харчытын түөкүттэргэ ыыппыт.

Биир үрдүк үөрэх кыһатын преподавателэ мөлүйүөн харчытын эмиэ итинник сүтэрбит. Киниэхэ түөкүттэр мобильнай сибээс үлэһитин аатыттан симкатын дуогабара бүтэн эрэрин, «Госуслуги» нөҥүө киирэн уһатарыгар эппиттэр. Түөкүттэр көмөлөһөр сылтаҕынан СМС-коду этэригэр соруйбуттар, ону эмсэҕэлээччи этэн биэрбит. Сотору буолан баран преподаватель «Госуслугалар» порталыгар тус кэбиниэтэ блоктаммытын туһунан иһитиннэрии кэлбит. Преподаватель смс кэлбит нүөмэринэн «суһал лииньийэ» төлөпүөнүгэр тута төлөпүөннээбит. Оператор дьахтар аатыгар түөкүттэр хас даҕаны кирэдьиити ылбыттарын туһунан эппит уонна көмөлөһүөм диэбит. Дьахтар ыыппыт сайабылыанньаларыгар илии батттаан баран төттөрү ыыппыт. Салгыы кирэдьиит ылан араас счеттарга ыытарыгар тылларыгар киллэрбиттэр. Дьахтар түөкүттэр счеттарыгар 2,2 мөлүйүөн солкуобайы ыытан эрэ баран, кинини албыннаабыттарын өйдөөбүт.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Уопсастыба

Икки игирэ ньирэйдээх Масаха Мэхээс

Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга үлэлэһэр блогер Масаха Мэхээс соторутааҕыта хотон туттан киирбитин туһунан социальнай ситимнэринэн видеоҕа…

24 минуты ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хомус туһунан сэдэх чахчылар

Аан дойдуга соҕотох Хомус түмэлин пуондатыгар араас дойду 1882 муусукаҕа үстүрүмүөннэрэ хараллан сыталлар. Итинтэн 1744-дэ…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Сииттэҕэ олоҥхону оройуттан туталлар

Сииттэ нэһилиэгэр олохтоох култуура дьиэтин үлэһиттэрин көҕүлээһиннэринэн "Олоҥхо төрдө - олоххо" диэн алын кылаас оҕолоругар…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Биир күн түөрт аадырыска баһыылка барда

Кэбээйи волонтердара түөрт сиргэ аадырыстаан баһыылка оҥордулар. Ол курдук байыаннай дьайыыга ыытарга анаан, бурдук ас…

2 часа ago
  • Сонуннар

Чокуурдаахха «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» остуоруйаны туруордулар

Аллайыаха улууһун Чокуурдаах бөһүөлэгэр күн аайы араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Ааспыт Олоҥхо күнүн чэрчитинэн бэҕэһээ олохтоохтор…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Массыына кыһын тоҕо умайарый?

Кэнники сылларга Саха сиригэр кыһыҥҥы тымныыларга массыына умайыыта элбиир буолла. Сотору-сотору иһитиннэрии тахсар. Үгүстүк массыыналар…

2 часа ago