Түөкүттэр уоскуйбаттар
Дьокуускайга 2 №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар 56 саастаах дьахтартан сайабылыанньа киирбит.
Кэпсээбитинэн, төлөпүөнүгэр сим-картатын болдьоҕо бүппүтүн туһунан иһитиннэрии кэлбит. Ону уһатарга код нүөмэрин көрдөөбүттэр. Ол кэнниттэн уһата-кэҥэтэ барбакка, аны Киин Баантан эрийэр аатыран турбуттар. Итиэннэ счетун уларытара наада буолбутун эппиттэр. Эмсэҕэлээччи баан сымыйа үлэһитин этиитинэн кирэдьиит ылбыт уонна ол харчытын кытары муспут 400 тыһ.солк. «куттала суох счекка» ыыппыт.
Ытыктабыллаах гражданнар! «Куттала суох счет» — түөкүттэр албастара! Билбэт нүөмэргититтэн эрийдэхтэринэ ылымаҥ, билбэт дьоҥҥут баантан, ханнык эмэ тэрилтэттэн диэн эрийдэхтэринэ кэпсэтимэҥ. Саарбах ссылкаларга кииримэҥ диэн ИДьМ сэрэтэр.
СӨ ИДьМ пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: