Түөкүттэр ускайдарыгар киирэн, дьон эбийиэктэри уоттуур буоллулар
Дойду үрдүнэн дьаһалта, социальнай суолталаах эбийиэктэри, ону тэҥэ баан офистарын маассабайдык уоттааһын буолла.
Саҥа дьыл бырааһынньыктарын иннигэр дойду үрдүнэн төлөпүөнүнэн түөкүннээччилэр ускайдарыгар киирэн, уоттуу сатааһыннаах саба түһүүлэр элбээтилэр. Дьон харчыларын сүтэрэн баран, төттөрү төннөрө сатаан, социальнай уонна дьаһалта дьиэлэригэр, ол иһигэр баан офистарыгар саба түһэллэр. Уопсайа, баан иһитиннэрбитинэн, Арассыыйаҕа социальнай инженерия ньымаларын дьайыытынан итинник саба түһүү ахсаана 30% элбээбит.
Түөкүннээһин маннык көрүҥэ ааспыт сыл саҥатыгар көстүбүтэ. Төлөпүөн түөкүттэрэ харчыларын уорбут сиэртибэлэрин кытта сибээскэ тахсаллар уонна туох эрэ сокуоннайа суох дьайыыны оҥордоххутуна, холобур, баан офиһыгар саба түстэххитинэ, үпкүтүн төнүннэриэхпит диэн эрэннэрэллэр. Эбэтэр маннык гынаҥҥыт, түөкүттэри тутарга көмөлөһөҕүт диэн быһаараллар. Наҕараада иһин уоту ыытар этиилэр эмиэ киирэллэр.
Үгэс быһыытынан, түөкүттэр бу бырассыаһы видеоҕа устуҥ диэн көрдөһөллөр. Бу кэнниттэн, биллэн турар, ким да харчыны төннөрбөт. Маннык сокуоннайа суох дьайыылар буруйу оҥоруу быһыытынан ааҕыллаллар, онон саба түһээччилэр административнай уонна холуобунай эппиэккэ тардыллаллар. Ону таһынан, толорооччулар дьайыылара РФ Холуобунай кодексатын “Террористическай дьайыы” 205 ыстатыйатынан ааҕыллыахтарын сөп, оннукка 15 сылга диэри накаастабыл көрүллэр.
Маннык дьыалаҕа түөкүттэр ордук социальнай өттүнэн кэбирэх дьону, ол иһигэр ыччаты уонна биэнсийэлээхтэри кутуруктарыгар сөрүүллэр.
Станислав Кузнецов, Сбербаан бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы:
“Дьон маннык дьайыылары манипулятордар ынырык күүстээх психологическай ыгыыларын түмүгэр оҥороллорун өйдүүбүт, бу дьон үксүн Украинаҕа баар колл-кииннэртэн эрийэллэр. Хара санаалаахтар Саҥа дьыл бырааһынньыктарын иннигэр итинник дьон өйүн сүүйэллэр. Бу чахчы иэдээн: бэйэбит дьоммут буруйу оҥороллор, олохторун алдьаталлар уонна тулалыыр дьоҥҥо кутталы үөскэтэллэр.
Барыгытын олус сэрэхтээх буолуҥ уонна төлөпүөнүнэн түөкүннээччилэри кытта кэпсэтиигэ кииримэҥ диэн ыҥырабын. Кимиэхэ да тус бэйэҥ дааннайдаргын биэримэ, информацияны бэрэбиэркэлээ уонна – саамай сүрүнэ! – түөкүттэр сабыдыалларыгар түбэһиэхтэрин сөптөөх чугас дьоҥҥут быһыыларын-майгыларын болҕойон көрө сылдьыҥ. Хайаан да бэлииссийэ отделыгар, кирэдьиит тэрилтэлэрин “горячай” линияларыгар эрийиҥ, ыйыталаһыҥ, аймахтаргытыгар туох буола турарын биллэриҥ. Көмө көрдөһөртөн кыбыстымаҥ».
Сбер бэйэтин эбийиэктэригэр сэрэхтээх буолууну үрдэтэр туһугар улахан миэрэлэри ылыммытын бэлиэтиир.
Бэйэҕитин эбии харыстанар туһугар, СберБанк Онлайн сыһыарыытын “Куттал суох буолуута” чааһыгар киирэн, түөкүн эрийэрин быһаарааччыны активациялыаххытын уонна антивируһу босхо холбонуоххутун сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: