Түөкүттэргэ 5,9 мөлүйүөнү ыыппыттар
61 саастаах биэнсийэлээх дьахтар инвестицияҕа угабын диэн 5,9 мөлүйүөн солкуобайы түөкүттэргэ ыыппыт. Бу улахан сууманы хас да төгүллээн ыыттарбыттар диэн ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бу сыл тохсунньутугар дьахтар интэриниэккэ чэпчэкитик харчыны улаатыннарар туһунан кэпсиир саайты булбут уонна регистрацияламмыт. Сотору буолаат, эр киһи эрийэн, үбү-харчыны ырытааччы буолабын диэн билсиспит уонна харчыны хайдах үлүннэрэр туһунан кэпсээбит.
Бу кэнниттэн өссө биир «көмөлөһөөччү» баар буолбут. Аан бастаан дьахтар «көһүлүөгэр» 10 тыһыынча солкуобайы укпут. Онтон «көмөлөһөөччү» элбэх харчыны уктаххына, өссө элбэҕи үлүннэрэн ылыаҥ диэн ыксатар эбит. Онуоха дьахтар бааҥҥа ыстаарсай исписэлииһинэн үлэлиир кыыһын тылыгар киллэрэн, 250 тыһыынча солкуобайы «инвестициялыырга» сөбүлэһиннэрбит.
«Көһүлүөгэр» 2 мөлүйүөн солкуобай мунньуллубутун кэннэ, бу харчытын төттөрү таһаарыан баҕарбыт. Онуоха «көмөлөһөөччү» харчыны таһаарарга бенефициар ирдэнэр диэбит. Онон дьахтар кыыһын дэбиэрэннэй сирэй оҥорбут.
Бастаан кинилэргэ 45 тыһыынча солкуобайы ыыппыттар. Онтон сууманы барытын ыларга өссө харчыны угарга сүбэлээбиттэр. Онон ыйтан ордук кэм устата «үлүннэрбит» харчыларын устаары, хаста да харчы ыыппыттар. Түмүгэр, бу дьахтар уонна кини кыыһа түөкүттэргэ барыта 5,9 мөлүйүөн солкуобайы ыыппыттар.
ИДьМ сэрэтэр: быстах, түргэн харчы диэн суох, түөкүттэр «инвестиция» диэн тылы ордук туһанар буолан эрэллэр, онон сааһырбыт төрөппүттэргитин сэрэтиҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: