Түөкүттэри утары охсуһуу кэнсиэпсийэтэ ылылынна

Share

Түөкүттэри утары охсуһарга кэлим сыыппара платформата баар буолуоҕа. Манна быраабы араҥаччылыыр уорганнар, Киин Баан, бааннар уонна суотабай сибээс тэрилтэлэрэ сүбэлэрин холбоон, түөкүттэри тутарга суһаллык үлэлиэхтэрэ диэн СӨ юстицияҕа судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Павел Иванов «Якутия24» биэриитигэр кэпсээтэ.

— РФ бырабыыталыстыбата биллэрбит онлайн-түөкүттэри утары охсуһуу кэнсиэпсийэтин чэрчитинэн, бу үлэ ыытыллар. Кэнсиэпийэ үс сүрүн тутуллаах. Бастакытынан, РФ Холуобунай кодексыгар уларыйыылар киириэхтэрэ — онлайн-түөкүттэргэ накаастабыл кытаатыаҕа. Иккиһинэн, анал сыыппара платформата оҥоһуллан, быраабы харыстыыр уорганнар, Киин Баан, бааннар уонна суотабай сибээс тэрилтэлэрэ бииргэ үлэлиир буолуохтара. Үсүһүнэн, буруйу оҥоруу түбэлтэтэ уорбаланнаҕына, баан эпэрээссийэтин түргэнник тохтотор мэхэньиисим киириэҕэ, — диэн кини кэпсээтэ.

Павел Иванов иһитиннэрбитинэн,  Саха сиригэр былырыын онлайн-түөкүннээһиҥҥэ буруйу оҥоруу 29%-нан эбиллибит. 2023 сылга 3535, былырыын 4588 буруйу оҥоруу оҥоһуллубут.

Түөкүттэр сиэртибэлэринэн аҕам саастаах дьон эрэ буолаллар диэн сыыһа өйдөбүл. Былырыын түөкүттэр сиэртибэлэрин 37%-ра — 32-49 саастаах дьон, 14%-ра — 18-24 саастаахтар, 14 %-ра — 50-59 саастаахтар, 21%-ра — 60-тан аҕа саастаах дьон.

Ол иһигэр: үлэлиир дьон — 40%, биэнсийэлээхтэр — 16%, бастайааннай дохуота суох дьон — 22%, устудьуоннар — 11%, судаарыстыбаннай сулууспалаахтар — 10%, урбаанньыттар — 1%.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Опера уонна балет тыйаатырыгар куоластааҥ

Опера уонна балет тыйаатырын «Зори здесь тихие» туруоруута «Улуу Кыайыы тыйаатыра» куонкурус түмүктүүр түһүмэҕэр киирдэ.…

16 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: халадьыас киһи доруобуйатыгар туһата…

Коллагеннаах халадьыас киһи уҥуоҕун бөҕөргөтөр уонна тириитин тупсарар, ону таһынан арыгы кэннэ доруобуйа туругун тупсарарга…

41 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Өспөхтөр чуҥкуйары билбэттэр

Уус Алдан улууһугар Өспөх нэһилиэгэр дьон-сэргэ тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар. Нэһилиэк бибилэтиэкэтигэр олохтоохтор, оскуола үөрэнээччилэрэ кинигэ…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Түөкүттэр Дубай сакалаатыгар тиийбиттэр

Түөкүттэр дьон саамай интэриэһиргиир сонунун, өрүтүн ким хайа иннинэ туһана охсоллор. Онон мөкү болҕомтоҕо, аны,…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьуһуурунай борокуруор: түөкүттэр угаайыларыттан сэрэниҥ!

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу аҕыс түбэлтэтэ бэлиэтэммит.  Борокуратуура буруйу оҥорууларынан процессуальнай бэрэбиэркэлэри уонна холуобунай…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Экэниэмикэ миниистирэ Петр Попов «Тэтим» араадьыйа биэриитигэр кыттыаҕа

Бүгүн, тохсунньу 31 күнүгэр, «Тэтим» араадьыйа быһа эпииригэр СӨ экэниэмикэтин миниистирэ Петр Попов кыттыыны ылыаҕа. …

2 часа ago