Түөкүттэртэн сэрэниҥ!
Аныгы технология сайдыытын кытта тэҥҥэ онно сыһыаннаах түөкүннээһин эмиэ элбиир. Ааспыт нэдиэлэ дааннайынан түөкүттэргэ Саха сирин 10 олохтооҕо албыннаппыт.
Уоруллубут харчы суумата 6 мөл. солк. куоһарда. Түөкүттэр угаайыларыгар биэнсийэлээхтэр, иитээччи, суоппар, куруусчук, системнай администратор, муоста сууйааччыта киирэн биэрдилэр. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.
Саамай улахан сүтүктээх сууманы инвестицияҕа харчы үлүннэрэн ылаары үс киһи 3,6 мөл. солк. кэриҥэ харчыларын сүтэрбиттэр.«Госуслуги» портал, Киин баан үлэһиттэрэ буолан кубулунан түөкүттэр икки киһиттэн 1 мөл. солк. тахса суума харчыны уордулар. Итини сэргэ Саха сирин олохтоохторо социальнай ситимнэргэ аккауну сөргүтэргэ, куйаар ситимин нөҥүө баантан кирэдьиит ылаары уонна авиабилиэт атыылаһаары харчыларыттан маттылар. Түөкүттэртэн сэрэниҥ.
Түөкүттэртэн хайдах харыстанабыт?
Арай эйиэхэ баантан, полицияттан, билбэт нүөмэргиттэн ким да эрийдин, эн, бастатан туран, уоскуйуохтааххын. Өйгүн-төйгүн булунан баран, аймаҕыҥ, оҕоҥ туһунан этэр буоллахтарына, бэйэҥ дьоҥҥор сибээскэ тахсыахтааххын. Иккиһинэн, атыы-эргиэн саайтарыгар табааргын ыыта иликтэринэ, харчы ыытартан туттунарыҥ ордук. Түөкүттэр арахпакка эрийэр буоллахтарына, суһаллык 102 эбэтэр 112 нүөмэрдэргэ эрийэргин умнума! Ханнык да түгэҥҥэ каартаҥ нүөмэрин, пааспарыҥ дааннайдарын этэргэ ыксаама.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: