Салгыы
Түөкүттэртэн сэрэниҥ!

Түөкүттэртэн сэрэниҥ!

Ааптар:
27.07.2024, 10:42
Хаартыска: pxhere.com
Бөлөххө киир:

Түөкүттэр ыраахтан олорон араас албаһы толкуйдууллар, угаайыларыгар дьону киллэрэ сатыыллар.

Нерюнгригэ олорор 20-лээх кыысчаан интэриниэт ситиминэн үлэлээри түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрбит. Араас үлэ туһунан биллэриилэри көрө олорон, биир сэҥээрбитигэр тохтообута, номнуо мэлийбит аатырбыт. «Үлэ биэрээччилэр» туһана охсон, сымыйанан «Газпром-инвест» былаһааккатыгар үлэлиэн сөбүн туһунан эппиттэр уонна ссылка ыыппыттар. Онно көрбүтэ, арай, үлэһиттэргэ наадыйар курдуктар эбит. Эмсэҕэлээччи итэҕэйбит. Онно киирэн кыыс дааннайдарын суруйан хаалларбыт. Ол кэнниттэн, буоларын курдук, сымыйа брокер төлөпүөннээбит. Хайдах курдук кылгас кэм иһигэр үчүгэйдик харчылаһыахха сөбүн туһунан кэпсээбит.

Түөкүттэр өйдөрө-санаалара уһуктан, кыыска салгыы кирэдьиит ыларыгар уонна кинилэр этэр счеттарыгар ыытарыгар соруйбуттар. Биллэн турар, эмсэҕэлээччиттэн 1 мөл. 135 тыһ. солк. сууманы ылаат, сибээскэ тахсыбат буолбуттар, таһыччы мэлийбиттэр.

Ытыктабыллаах гражданнар! Түргэнник уонна чэпчэкитик харчыланар туһунан кэпсээҥҥэ итэҕэйимэҥ. Кылгас болдьох иһигэр элбэх харчыланар туһунан түөкүттэр эрэ кэпсиэхтэрэ!  Бу туһунан ИДьМ Нерюнгритээҕи салаатыттан иһитиннэрэллэр.

ИДьМ Саха сиринээҕи салаатын саайтыттан ылылынна

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: