Түөкүттэртэн сэрэниҥ, суолга сэрэхтээх буолуҥ
Ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу 9 түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр ыытыллаллар уонна борокуратуура хонтуруолугар киирдэ.
Дьокуускайга баан счетуттан 600 тыһ.солк. уордарбыттарын туһунан сайабылыанньа киирбит. Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар уонна Мииринэйгэ «инвестиция», «суотабай сибээс оператора» аатыран төлөпүөннээннэр, түөкүттэр 2,1 мөл.солк. харчыны албыннаан ылбыттар. Маны таһынан, Дьокуускайга никотиннаах электроннай тэрили харайан уонна атыылаан, арыгы иһэн баран тырааныспары хат ыытан тутуллубуттар.
Киһи өлүүлээх суол-тырааныспар быһылаана бэлиэтэммэтэх.
Ленскэй улууһугар «Умнас» РАС (РАД) 1031 км, 1991 с.т. киһи «Тойота Хайс» ыытан иһэн, суолга турар «Скания» т/с кэтиллибит. Ол түмүгэр, микроавтобус суоппара уонна пассажир эчэйиини ыланнар балыыһаҕа киирбиттэр.
Арыгы иһэн баран массыына ыыппыт 17 киһи тутуллубут.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: