Түөкүттэртэн сылтаан, бэйэтигэр тиийинэ сыспыт
Биир дьахтар түөкүттэргэ харчытын ыытан баран, бэйэтигэр тиийинэ сыспыт… Бу туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Дьахтар улахан сууманы түөкүттэргэ бэйэтэ ыыппыт. Ол онтон ыксаан-ыгыллан, санаата түһэн, барар-кэлэр сирэ бүөлэнэн, бэйэтигэр тиийинэргэ санаммыт, ол туһунан кэлиэгэлэригэр алҕас быктарбыт. Кини үчүгэй үлэһит, арыгыны испэт, оҕотун бэйэтэ иитэр дьахтар эбит. Кэнники кэмҥэ настарыанньата улаханнык түспүтүн, санаарҕаабытын-самныбытын кэлиэгэлэрэ бэлиэтии көрбүттэр. Ыйыталаһан баран, полицияҕа биллэрэргэ санаммыттар.
Полицейскайдар дьахтар дьиэтигэр тиийбиттэригэр, түөкүттэр сиэртибэлэрэ бэйэтигэр тиийинэргэ бэлэм олорор эбит. Сиэмэх түөкүттэр тустарыттан оҕотун тулаайах хааллара сыспыт…
Оперативниктар кинини полицияҕа сайабылыанньа суруйарыгар сүбэлээбиттэр. Ол кэнниттэн оперативнай-көрдүүр үлэ саҕаламмыт.
«Албыннатан баран, кимтэн да сүбэ, көмө көрдүү сатаабакка, бэйэтэ бэйэтигэр бүгэн хаалбыт, улахан иэскэ ыйанан, олоҕо бүппүт курдук санаабыт. Хата, кэлэктиибин болҕомтолоох кэлиэгэлэрэ баар буолан, киһи олоҕун быыһаатылар», — диэн ИДьМ үлэһиттэрэ этэллэр.
Кэнники күннэргэ Саха сириттэн түөрт киһи түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрдэ. Зырянка бөһүөлэгин олохтооҕо түөкүттэргэ 4,4 мөлүйүөн солкуобайы ыыппыт.
ИДьМ пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: