Түөрт киһи өлүүлээх суол саахалын туһунан сиһилии иһитиннэрдилэр
Бэҕэһээ, ахсынньы 25 күнүгэр, киэһэ Бүлүү улууһун Лөкөчөөн нэһилиэгин таһыгар түөрт киһи өлүүлээх суол саахала буолбута. Суорума суолламмыттар истэригэр кыһыл оҕо баарын туһунан Бүлүү улууһун дьаһалтата иһитиннэрэр.
«Быһылаан 19:00 чаас саҕана буолбут, үс массыына саахалламмыт. Үс улахан киһи уонна саҥа төрөөбүт оҕо өллүлэр. Эчэйбиттэр бааллар», — диэн Бүлүү дьаһалтата СИА-ҕа иһитиннэрбит.
Саха сиринээҕи ЫБММ пресс-сулууспата суруйарынан, суол саахала массыыналар харсыһыыларыттан тахсыбыт.
«Барыллаан дааннайдарынан, түөрт киһи өллө, ол иһигэр биир оҕо. Үс киһи эчэйдэ, ол иһигэр биир оҕо. Өлбүт уонна эчэйбит дьон кимнээҕин быһаараллар», — диэн иһитиннэриигэ суруллубут.
Суол саахалын миэстэтигэр 13 киһи уонна биэс тиэхиньикэ үлэлээтэ.
Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, Бүлүүттэн икки биригээдэ суһал көмө тиийбит, кинилэри кытта неонатолог быраас барсыбыт. Итиэннэ Лөкөчөөнтөн уонна Илбэҥэттэн быраас уонна сиэстэрэ тиийбиттэр. Бэҕэһээ киэһэ Дьокуускайтан санавиация көтөрө биллибитэ.
Быһылаанынан Бүлүү улууһун борокуратуурата бэрэбиэркэни саҕалаата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: