Түөрт киһини тыыннаахтыы уоттаабыт киһини күһэлэҥ эмтэниигэ ыыттылар
Былырыын саас ыам ыйыгар Дьокуускай куорат Пионерскай уулуссатыгар баар дьиэҕэ баһаар буолбутун түмүгэр түөрт киһи суорума суолламмыта.
Саха сирин Үрдүкү суута бу дьыалаҕа кыттыгастаах 65 саастаах эр киһини күһэлэҥ эмтэниигэ анаата. Буруйданааччы эр киһи былырыын саас ыам ыйыгар Дьокуускай куорат Пионерскай уулуссаҕа баар кыбартыыраҕа алта киһини кытта арыгылаабыт. Түөрт киһи утуйбут кэмигэр, буруйданааччы канистралаах уматыгы ылан кыбартыыра иһигэр ыспыт уонна уматан кэбиспит. Уматан баран бэйэтэ кыбартыыраттан тахсыбыт уонна дьиэҕэ хаайтарбыт дьону таһаартаамаары ааны сабан, баттаан турбут. Ол түмүгэр утуйа сытар түөрт киһи олохтон туораабыт. Икки киһи быыһаммыт.
Суут уурааҕынан эр киһи уйулҕа өттүнэн кэһиллиилээҕэ биллибит, кини оҥорор дьайыыларын сатаан быһаарар, өйдүүр кыаҕа суох диэн быһаарбыттар. Алта киһи тыыныгар тура сатаабыт эр киһиэхэ холуобунай дьыала тэриллибитэ диэн СӨ Үрдүкү суутун пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: