Түөрт нэһилиэккэ түргэн интэриниэт ситимэ холбонно
«Мегафон» хампаанньа түргэн тэтимнээх интэриниэтин ситимэ Горнай улууһун Аһыма, Орто Сурт, ону тэҥэ Бүлүү улууһун Дьөккөн уонна Үөһээ Бүлүү улууһун Тамалакаан нэһилиэктэригэр холбонно. Бу нэһилиэктэринэн барыта холбоон икки тыһыынчаттан тахса киһи олорор.
Мантан инньэ Аһыма, Орто Сурт, Дьөккөн уонна Тамалакаан олохтоохторо баан сиэрбистэринэн, судаарыстыба уонна өрөспүүбүлүкэ электроннай өҥөлөрүнэн хааччаҕа суох туһанар, социальнай ситиминэн видеону, хаартысканы ыытар, мэһэйэ суох кэпсэтэр, киинэни көрөр, муусуканы истэр буоллулар.
Бэлиэтээн эттэххэ, Аһыма, Дьөккөн уонна Тамалакаан “Бүлүү” федеральнай суол кытыытыгар турар буоланнар, үчүгэй хаачыстыбалаах сибээһинэн айанньыттар эмиэ туһанар буолуохтара.
“Саха сиригэр 4G сибээһи сыыйа, уочаратынан сайыннара сатыыбыт. Болҕомтону киин куораттан тэйиччи сытар сирдэргэ уурабыт. Былырыын “Мегафон” аныгы ситимин Үрүҥ Хайаҕа, Улахан Ааҥҥа, Булуҥҥа уонна Томторго киллэрбиппит”, – диэн “Мегафон” Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Наталья Некрасова кэпсиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: