Түөрт оҕолоох ийэ дьиэтигэр арыгыһыттары мунньубут

Share

Дьокуускайга түөрт оҕолоох ийэ арыгыһыттары дьиэтигэр  мунньан, түүнү быһа арыгылаабыттарын, оҕолоро көрүүтэ-истиитэ суох сылдьыбыттарын  туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Ол курдук, 36 саастаах эдэр дьахтар түөрт оҕотун кытта эрдэ хаста даҕаны сууттана сылдьыбыт 38 саастаах эр киһини кытта биир хостоох дьиэҕэ бииргэ олорбуттар.

Кинилэргэ биир күн  37 саастаах дьүөгэлэрэ  дьахтар ыалдьыттаабыт.  Ыам ыйын 12 күнүгэр:  «Кулаковскай уулуссаҕа баар биир кыбартыыраҕа  түөрт кыра оҕолоох ыал түүнү быһа  арыгылаатылар», —  диэн үҥсүбүттэр. Суһаллык этиллибит аадырыска сааһын ситэ илик оҕолор дьыалаларынан дьарыктанар ИДьМ 2№-дээх полиция салаатын иниспиэктэрдэрэ кэлбиттэр. Ити кэмҥэ көрүдүөргэ кинилэри итирик туруктаах дьахтар көрсүбүт уонна полиция үлэһиттэрин төлөпүөнүгэр устубут. Иниспиэктэрдэр дьиэҕэ киирэн кыра саастаах түөрт оҕону көрбүттэр. Дьиэҕэ оҕолорго сөптөөх туох да аһылык суох эбит. Дьиэ иһигэр  кураанах бытыылкалар, табах тобохторо ыһылла сыталлар эбит. Онно биллибитинэн, Ньурба улууһуттан төрүттээх 36 саастаах дьахтар түөрт кыра оҕотунаан  кыбартыыраны куортамнаан олорор эбит.

ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн,  «Сааһын ситэ илик оҕолору көрүүгэ-истиигэ быраабыланы кэһии» 120 №-дээх Федеральнай сокуон  13 ыст. 2 п.  олоҕуран,  дьахтар түөрт оҕото Өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэн киинигэр илдьиллибиттэр.  Оҕолор ийэлэрэ суут быһаарыытынан, Арассыыйа Федерациятын административнай быраабыланы кэһии кодексатын «Сааһын ситэ илик оҕолорго төрөппүт эбээһинэһин толорбот буолуу» 5.35 ыст. 1 ч.  административнай эппиэтинэскэ тардыллыбыт. Маны сэргэ, дьахтар эрэ эмиэ административнай эппиэтинэскэ тардыллыбыт. Кини  аһары уһуннук  арыгылаан,   ньиэрбэтигэр улаханнык оҕустарбыт.  Онон кинини  Дьокуускайдааҕы наркологическай диспансерга эмтэниигэ ыыппыттар.

Маннык сэрэхтээх эйгэҕэ сааһын ситэ илик оҕолор барахсаттар олорбуттар. Хата, ыаллыы олорор дьоно кэмигэр полиция үлэһиттэрин ыҥыран, билигин оҕолор этэҥҥэлэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр баабырыка 100 мөл. сымыыты оҥорор былаанын толоруоҕа

Ахсынньы 13 күнүнээҕи туругунан сымыыт былырыыҥҥы кээмэйин -- 97,7 мөл устууканы ыллылар. Сыл бүтүөр диэри…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс түмүктэннэ

Күүтүүлээх-кэтэһиилээх, биэс күн устата барбыт долгутуулаах Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ.…

25 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Кыл Саха» 10 сыллаах дьоро киэһэтигэр «кылыһахтардыын сахалыы кэпсэтэ»

2014 сыллаахха СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Гранынан,  оччотооҕу миниистир Андрей Борисов өйөөһүнэн, маастардар…

40 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьокуускай олохтооҕо түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрбит

Дьокуускай олохтооҕо түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрэн, 300 тыһыынча солкуобай кэриҥэ харчытыттан мэлийбит. Дьокуускайга 2 №-дээх…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Чэгиэн-чэбдик буол

Бэйэбитин көрүнүөҕүҥ, доруобуйабытыгар туһалааҕы оҥостуоҕуҥ. Ытыстары бэйэ-бэйэлэригэр аалан сылытыллар уонна сырдык киирбэтин курдук тарбахтары бэйэ-бэйэлэригэр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспо» быыстапкаҕа Ньурба урбаанньыта бииргэ үлэлэһэр дьонун булла

Икки күн устата ыытыллыбыт "Биисинэс-Экспо 2024"   Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…

2 часа ago