Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Өрөспүүбүлүкэҕэ ааспыт сууккаҕа түөрт ойуур баһаара умуруоруллубут. Уот хаппыт уопсай иэнэ 15 840 га.
Итини таһынан, 4 ойуур баһаара (иэнэ 666 га) булуллубут.
Сарсыардааҥҥы туругунан 63 ойуур баһаара (633 124 га) уонна 1 ландшафтнай (493 га) баһаар бэлиэтэммит. Итинтэн үс баһаары (28 760 га) бохсубуттар, манна Муома оройуонугар Соболоохтон 3 км сиргэ баар ландшафтнай баһаары киллэрэн туран.
Ойуур уотун муруорууга 598 киһи, 14 тиэхиньикэ уонна авиация үлэлииллэр.
Суһал ыстаап иһитиннэрбитинэн, сезон саҕаланыаҕыттан 449 ойуур баһаара (1 мөл га) бэлиэтэммит, 50 ландшафтнай (5,3 тыһ га), ону сэргэ, 2 ураты харыстанар сиргэ ( 15,3 га). 2021 сыллаахха бу кэмҥэ 1189 ойуур баһаара (2,5 мөл. га) уонна 16 ураты харыстанар сиргэ (30,3 тыһ га) бэлиэтэнэн турар.
СӨ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата
Хой Бу нэдиэлэ саҕаланыыта улахан дьыалаҕа ылсыма, туттуна сырыт. Ол эрээри, уһун кэмнээх былааннары санааҕар…
Бүгүн, ахсынньы 26 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -51 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Кэбээйи улууһун суутун уурааҕынан оройуон биир нэһилиэгин олохтоохторо РФ Холуобунай кодексатын 166 ыстатыйатын 2 чааһын…
Бүгүн СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Федоров М.К. Аммосов аатынан ХИФУ үөрэтэр научнай киинин…
Билигин үгүс киһи чугас дьоммутугар Саҥа дьылга тугу бэлэхтиибит диэн толкуйдаах сылдьар буолуохтаах. Саҥа дьылга…
СӨ Үп министиэристибэтин кэлэктиибэ байыаннай дьайыы бэтэрээнин, «Саха сирэ – Дьоруойдар дойдулара» бырагыраама кыттыылааҕын, билигин…