Түөрт ойуур баһаара умуруорулунна, үс бохсулунна
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа баһаары утары охсуһааччылар күүстэринэн түөрт ойуур баһаара умуруорулунна, үс бохсулунна.
Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.
«Баһаардар Өлүөхүмэ, Таатта, Нерюнгри улуустарыгар умуруорулуннулар. Ленскэйгэ, Сунтаарга, Уус Маайаҕа бохсулуннулар«, — диэн этэр Андрей Коноплев.
Суукка саҕаланыытыгар 156 ойур баһаара баара бэлиэтэнэр. Андрей Коноплев иһитиннэрбитинэн, ойуур уотун умуруорууга 1 774 киһи, 134 көлө үлэлиир. 16 салгын аала ботурууллуур, биэс бөртөлүөт уоту умуруорууга туһаныллар.
Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар федеральнай уонна эрэгийиэн таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ салҕанар. Муниципальнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ алта улууска: Дьааҥыга, Үөһээ Бүлүүгэ, Нерюнгригэ, Өлүөхүмэҕэ, Томпоҕо, Уус Маайаҕа салҕанар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: