Салгыы
Түөрт патеннаах травматолог-быраас

Түөрт патеннаах травматолог-быраас

22.06.2024, 15:00
Хаартыска: С.Васильев тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Сергей Петрович Васильев – Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһа-М.Е.Николаев аатынан Мэдиссиинэ киинин Оҕо травматологиятын отделениетын сэбиэдиссэйэ, СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин штаты таһынан оҕо травматолога, мэдиссиинэ наукатын хандьытаата, РФ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, байыаннай эпэрээссийэ бэтэрээнэ, «Хорсунун иһин» мэтээл хаһаайына.

Кэнники сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо оһоллонуутун ахсаана элбээбитэ бэлиэтэнэринэн, Сергей Петровичтан чуолаан травматолог-быраас быһыытынан хаһыакка анаан сүбэ-ама ылаары кэпсэтэргэ быһаарыммытым, кэпсэтиэхтээх тиэмэбит кэҥээн таҕыста. Ол эбэтэр кини байыаннай эпэрээссийэҕэ баҕа өттүнэн баран, травматолог-быраас быһыытынан үлэлээн кэлиитэ, «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаланыыта, биллэн турар, туспа кэпсэтиини эрэйэр.

Травматолог – байыаннай аҥаардаах идэ

Сергей Васильев Саха судаарыстыбаннай университетын мэдиссиинэ факультетын, онтон Саха сиринэҕи ординатураны ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. 2004-2009 сс. мэдиссиинэ наукатын хандьытаатыгар оҕо илиитин тостуутун үөрэтиигэ диссертациятын көмүскээбитэ. Кини  билигин талан ылбыт идэтигэр түөрт патеннаах: иккитэ -– көлөттүгэс атахха (косолапоска), үсүһэ — оҕо тостубут илиитин эпэрээссийэтигэр, төрдүһэ -– сарын уҥуоҕа тостуутугар. Бүтэһик патенын 2022 сыллаахха, байыаннай дьайыыга барыан иннинэ ылбыта. Ол туһунан Сергей Петрович:
-2022 сыллаахха дойдубутугар байыаннай эпэрээссийэ биллэриллибитигэр ити сыл от ыйыгар бастакы «Боотур» этэрээттэн бастакынан, бэйэм баҕа өттүбүнэн барбытым. Сэриигэ араас буолар, баҕар, тыыннаах эргиллиэ суохпун сөбө, ол иһин ким этэ туһаныа диэн санааттан сарын уҥуоҕа тостуутугар патент суруйан хаалларбытым, -– диэн кэпсиир.
Травматолог-быраас идэлээх Сергей Васильев сэрии уоттаах хонуутугар ытыалаһар да, дьону быыһыыр да идэлэммитэ. Санитар-ытааччынан сылдьан, атаҕар ыараханнык бааһыран госпиталга ыйы быһа сытан, иккитэ эпэрээссийэлэммитэ, дойдутугар икки баттыктаах эргиллибитэ.
— Урут хантараак үс ыйга түһэрсиллэр буолан, уопсайа үс ый сылдьыбытым. Түгэнинэн туһанан, бэс ыйын 17 күнүгэр «Боотур» этэрээт тэриллибитэ икки сылынан эҕэрдэлиэхпин баҕарабын. Этэрээти төрүттээччи Иван Петрович Черкашиҥҥа улахан махталбытын биллэриэ этибит. Кини көмөтүнэн этэрээттэр тэриллэннэр, байыастары үчүгэйдик эрчийэннэр, чуолаан «Боотур» этэрээттэн барбыт саха уолаттара тыыннаах эргиллэн кэлэллэр. Холобур, сөптөөх эрчиллиитэ суох киһи, сэриигэ тиийэн сатаабата элбэх. Билигин Иван Петрович көмөтүнэн тактическай мэдиссиинэни: бааһырбыт киһини хайдах хостоон таһаарарга, бастакы көмөнү оҥорорго үчүгэйдик үөрэтэллэр.
Травматолог-быраас диэн байыаннай аҥаардаах идэ. Бааһыран кэлэн кыратык эмтэнэ түһэн бараммын, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин хайысхатынан Ростов-на-Дону госпиталга байыаннай бырааһынан биир ый үлэлээбитим. Элбэх эпэрээссийэни оҥорбутум, эбиитин ким да барыан баҕарбат, бааһырбыт байыастары таһаарыыга (бөртөлүөтүнэн көтүү эвакуациятыгар) Өлөөн улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Назар Петровы кытары сылдьыбыппыт. Кинилиин байыаннай эпэрээссийэ бара турар сиригэр да, госпиталга да бииргэ үлэлээбиппит.

Кини айбыт аппараатын көдьүүстээхтик туһаналлар

Оҕо травматологиятын отделениета Мэдиссиинэ национальнай киинин саамай улахан отделениетынан буолар. Атын отделениелар саамай элбээбитэ 15-20 куойкалаах буоллахтарына, Сергей Петрович сэбиэдиссийдээх отделение 40 куойкалаах, 9 быраастаах. Манна эдэр талааннаах уолаттар үлэлииллэрин, саха дьоно мындыр толкуйдаах буолан, травматолог идэтигэр олохторун аныылларын тоһоҕолоон бэлиэтиир. Отделение быраастара күнүстэри-түүннэри солбуһа сылдьан тохтоло суох ыарыһах оҕолору көрөллөр-истэллэр. Бу отделениеҕа уҥуох ыарыылаах, доруобуйаларыгар кэһиллиилээх, араас эчэйиилээх оҕолор эмтэнэллэр. Ону таһынан балыыһаҕа киирбэккэ, тастан травпуун үлэтин эмиэ көрөллөр-истэллэр.


Сергей ВАСИЛЬЕВ:
-Оҕо оһоллонуута сайыҥҥы, сааскы уонна күһүҥҥү кэмнэргэ элбиир. Кыһын урут лаппа кыччыыр буоллаҕына, билигин кыратык эрэ намырыыр. Мин санаабар, бу биир төрүөтүнэн оҕону аралдьытар, оонньотор, ол иһигэр батуттаах кииннэр элбииллэрэ буолар. Аны быйылгыттан уотунан барар самокат үөдүйүөҕүттэн эчэйии олус элбээбитэ биһигини долгутар. Биир ыйга 200-тэн тахса оҕо самокаттан эчэйэр, күҥҥэ 4-5 оҕо эбэһээт балыыһаҕа кэлэн көрдөрөр. Уулуссаҕа турар самокаттары ким баҕарар собуоттаата да барар, ол эрээри, биһиги оҕолорбут үөрүйэҕэ суохтар.
Дьиҥэр, оҕо оһоллонон эчэйэригэр төрөппүт эмиэ улахан оруолу оонньуур. Төрөппүт оҕото уотунан да барар, көннөрү да самокаты мээнэ сүүрдүбэтин курдук сэрэтиэхтээх. Оҕолор үксүгэр суолга тахсан биэрэн эчэйэллэр. Биһиги суолларбыт, сатыы сылдьар киһи да суола самокакка олох дьүөрэтэ суохтар: самокат көлүөһэтэ кып-кыра, онтон болдьуурдарбыт олус элбэхтэр.
Аны сорох төрөппүттэр оҕолорун оонньуур былаһааккаҕа ыытан баран, бэйэлэрэ төлөпүөннэригэр умса түһэллэр, оҕолорун туһунан «умнан» кэбиһэллэр. Онтон оҕолоро үөһээ ыттан баран, сууллан түһэр түбэлтэлэрэ олус элбэх.
Батукка эчэйэр оҕолор сүрүннээн систэрин тоһуталлар. Хаһан да мээнэ ыстаҥалаабатах оҕо буруһуунаҕа киирэн ыстаҥалыыр уонна бэйэтин ыйааһынын уйбакка сиһин тоһутан кэбиһэр. Ити ыарахан эчэйиигэ киирсэр. Кини 20-21 хонук балыыһаҕа сытан эмтэнэр, онтон доруобуйатын чөлүгэр түһэриэн, икки-үс ый корсет кэтиэн наада, биир сыл успуортан тохтуур. Сорох төрөппүттэр батут сэрэхтээҕин билбэт да буолуохтарын сөп. Урут батут кииннэрэ аһылла иликтэринэ, сис тостуута аҕыйах этэ.
Сергей Петрович травматология салаатыгар арыллыбатах наһаа элбэҕин, стандартынан эрэ эмтээбэккэ бэйэ толкуйдаабыт тиэхиньикэтин тутта сатыылларын (үксүгэр табыллар) туһунан кэпсиир. Холобур, атаҕа төрүөҕүттэн көлөттүгэс (токур) оҕону гипсэлииллэр. Гиипсэ оҕо хаанын бобо тутарын, тиритэн этэ бааһырарын аһына, уйадыйа көрөн уонна сайдыы барыахтааҕын өйдөөн, атын, уһуллар аппарааты айбыта. Онуоха оҕотун бүөбэйдиир ийэ аппарааты устан баран, тириитин сууйуон, ыраастыан, маастыан сөп. Онтон төттөрү кэтэрдэн кэбиһэр. Оҕо атаҕын суукканы быһа бачыыҥка нөҥүө тардан, икки нэдиэлэ иһинэн көннөрөн кэбиһэллэр. Сергей Петрович ити ньыматынан хас да оҕо эмтэнэн, атахтара көнөн, сүүрэ сылдьар. Үгүс үөрүйэхтээх, үлэ түмүгүн тэҥнээн көрөн, саҥаны арыйан хас да патеннаммыт быраас  токур атахтаах кырачааны эрдэ, төрөөтүн кытта эмтэниллэр наадатын туһунан этэр. Ортопед, травматолог быраастар ханнык ньыманан эмтииллэрин бэйэлэрэ быһаараллар. Ол гынан баран, биир идэлээхтэрэ этэллэринэн, Сергей Васильев ньымата быдан туһалаах эбит.

Киһи дьиксинэрэ эмиэ баар…

—Кэнники кэмҥэ ыарыы хайысхата уларыйда. Холобур, урут моонньутун былчыҥа сайдыбакка, ханньары төбөлөөх оҕолор (кривошея) элбэхтик төрүүллэр этэ. Билигин ол лаппа аҕыйаата.
Урут оҕо сулууспата суох эрдэҕинэ, тоҥолоҕунан тостубут илиини улахан дьон быраастара көннөрөллөрө. Билигин оҕо сулууспата аһыллан, тоҥоноҕунан тостон туора оспут оҕолор суохтарын кэриэтэ. Оннук уустук тостуулары барытын биһиэхэ ыыталлар.
Киһи дьиксинэрэ диэн, оҕо онкологията кэнники үс сылга олус элбээтэ. Биһиги, травматология, ортопедия, оҕо сулууспалара онкологияҕа кубулуйан эрэр курдукпут. Ол эбэтэр, уҥуох искэнин биһиги отделениебыт быраастара быһаараллар. Урут куттала суох искэн биир көрүҥэ сылга 2-3 эрэ оҕоҕо булуллар буоллаҕына, билигин нэдиэлэҕэ 2-3 оҕону булабыт! Бэйэм да дьиксинэбин, төрүөтүн этэр кыаҕым суох. Эпэрээссийэлэнэр оҕолортон биопсия ылабыт, түмүгэ 14 хонугунан биирдэ биллэр. Ыарыһахпытын аҕыйах кэм иһигэр кэтээн көрөбүт. Искэнэ куттала суох буоллаҕына, бэйэбит эпэрээссийэлиибит, искэн сиэбит уҥуоҕун кэнсиэрбэлэммит уҥуоҕунан бүөлүүбүт. Кэнсиэрбэлэммит уҥуохпут суох буоллаҕына эбэтэр искэнэ аһара түргэнник улаатар буоллаҕына соҕуруу ыытабыт. Үксүн кыра хайаҕас эрдэҕинэ булан ылабыт. Биопсиялыырбытыгар барытын кыһан кэбиһэбит, оччоҕо бэйэтэ үмүрүччү оһон хаалар (аҥаарыттан аҥаара). Оһорун-оспотун үс-алта ый устата хос-хос ыҥыран кэтээн көрөбүт.

Мэйии үтүөрэргэ көмөлөһөр

-Мэдиссиинэҕэ оҕо уонна улахан киһи травматолога диэн арахсыбаттар. Барыларын эмтиибит, ол эрэн, 26 сыллаах кэтээн көрүүбүнэн, оҕо ордук махталлаах уонна эмкэ бэринимтиэ, улахан киһитээҕэр түргэнник үтүөрэр. Тоҕо диэтэххэ, киһи мэйиитэ уонна илиитэ-атаҕа улахан сибээстээхтэр. Холобур, улахан киһи тостубут атаҕын эпэрээссийэлэтэн баран, турдахпына атаҕым бэргиэ диэн харыстанан хаамарга ыксаабат. Төһөнөн айаккалыыр да, соччонон атаҕа оспот. Мэйиитэ бу киһи атаҕа ыалдьар диэтэ да, туох баар кыаҕын: микроэлеменнары, битэмииннэри барытын доруобай атаҕар быраҕар. Ол иһин, бааһа оһон биэрбэккэ, кини өр содьороҥ, доҕолоҥ сылдьар. Оттон оҕоҕо оннук толкуй суох, ол иһин кини түргэнник үтүөрэр. Кини атаҕа уйар, ыалдьыбат буолла да, туран сүүрэн хаалар. Мэйии оҕо атаҕа үтүөрэригэр ордук түргэнник көмөлөһөр. Ханнык баҕарар ыарыыга оннук.

ххх

Сергей Петрович кэргэнэ Евгения Николаевналыын уоллаах кыыс оҕолоохтор. Евгения Николаевна — Росздравнадзорга иниспиэктэринэн үлэлиир. Ыал аҕа баһылыга, “травматолог-быраас байыаннай аҥаардаах идэ” диэн этэринии, кини эйэлээх кэмҥэ да, байыаннай дьайыыга да оһолломмут, бааһырбыт дьону быыһыыр идэни таларыгар дьылҕата ыйаахтаабыт курдук. Тоҕо диэтэххэ, Сергей Васильев  сэбиэскэйдии иитиллибитэ, Аҕа дойду улуу сэриитигэр кыттыбыт аймахтарын ортотугар улааппыта, дойдуга бэриниилээх буолуу уонна патриоттуу тыын оҕо эрдэҕиттэн иҥэриллибитэ. Бүгүҥҥү дьоруойбут 2021-2021 сылларга, ковидтан өлүү-сүтүү үгэнигэр ковиды эмтиир отделение «кыһыл зонатыгар» инфекционист-бырааһынан эмиэ үлэлээбитэ.
«Кэргэним, оҕолорум бигэ тирэх, өйөбүл буоланнар, ыарахаттары тулуйабын, инним диэки эрэллээхтик айаннаан иһэбин», -– диэн кыайыыга улаханнык эрэнэрин туһунан этэр.

Сыыппаралар:

Ыам ыйыгар:

-1329 оҕо эчэйэн тастан эмтэннэ;
-136 оҕо эпэрээссийэлэннэ;
-62 эпэрээссийэттэн 32-тэ суһал (оһоллонуунан сибээстээн).

+1
10
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: