Түөрт сыллааҕы ситиһиилэртэн кылгастык

Share

Сүгэ кыайбатаҕын, сүбэ кыайар

2018 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр бар дьон быыбарга талбыт Ил Дархана Айсен Николаев эппиэтинэстээх дуоһунаһыгар киирэн, норуот туһугар үлэлиир бурҕалдьытын кэппитэ. Бу ааспыт түөрт сыл хайдах ааста? Кылгастык ону ырытан көрүөҕүҥ.

 

Уһук Илиҥҥэ бастакыбыт

Туох барыта оҥорон таһаа­рыыттан тахсар. Төһө да ааспыт икки сыл устата аан дойдуну дьиэҕэ хатыыр дьаҥ аймаа­тар, ис оҥорон таһаарыыбыт (ВРП) 2018 сылга холоотоххо былырыын 4,2% тиийэ үрдээбит. Инньэ гынан сылга 1,5 трил­лион солк. кэриҥэ оҥорор субъект аатыран Уһук Илиҥҥэ бастакы, оттон Арассыыйаҕа 21-с миэстэҕэ сылдьабыт.

Ити бырамыысыланнас сайдыытын туоһута. Туллар тутаахпыт диэххэ, сир баайын-дуолун хостоо­һуна экэниэмикэбит улаҥан аҥаарын (63%-ны) ылар. Ааспыт түөрт сылга быра­мыысыланнас оҥорон таһаарыытын индексэ 23 % үрдээбит. Былырыын холобура, сэбиэскэй кэмнээҕэр да элбэх 26 мөл. туонна кэриҥэ таас чох (2020 с. холоотоххо 1,6 төгүл элбэх), 42 туонна кыһыл көмүс (3,3%-нан элбэх), 13,9 млрд куб.м. гаас (икки төгүл элбэх), 17,3 мөл. туонна ньиэп (8,1% нан элбэх) хостоммут.

Өйдөммөт сыыппаралары тоҕо кутта диэтэргит, ити барыта бэйэ дохуота хаҥыырыгар дьа­йар. Атыннык эттэххэ, хас биирдии туонна хостоммут сир баайа – биһиги хамнаспыт, босуобу­йабыт, оскуолабыт, балыыһабыт. Былырыыҥҥы хартыынаны ыллахха алмаасчыттар саамай элбэх нолуогу бүддьүөппүтүгэр төлөөбүттэр (27,9%). Ньиэптэн уонна гаастан киирэр үп дохуоппут 13,9%-ныгар, өҥнөөх металлар 10-ча %-ҥа тэҥнэһэллэр эбит.

Бырамыысыланнаспыт сөп­төөх нолуок бэлиитикэтиттэн тутулуктааҕа мэлдьэҕэ суох. Чахчыта, кый ыраах түҥ тыаҕа мээнэ биисинэс кэлбэт.

Экэниэмикэ миниистирэ Майя Данилова дьокутааттарга кэпсээбитин ахтан аһардахпына, биэс сыллааҕыттан бэттэх “Таас Үрэх ньиэп” хампаанньата хааһынаҕа хамныыр харчыны киллэрэр буол­бут. Урут тоҕо чэпчэтии биэрдигит эҥин диэн киҥир-хаҥыр саҥарсыы баара. Билигин 2021 сыллааҕы бүддьүөппүтүгэр аҥаардас ньиэптэн киирэр барыс нолуога 22,6 млрд солк. тэҥнэс­пит.

Иккиһинэн, инвестиция­ны тардыы. Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба манна ииннээх-тэһииннээх бэлиитикэни ыыталлар. Үптээх-харчылаах тэрилтэни анаан ыҥыран, илии тутуһар эмиэ туспа сатабыл. Илиҥҥи пуоруму ылыаҕыҥ. Саха сирэ барыта 330 млрд сууммалаах 39 сөбүлэһии түһэрсибит. Ыаллыы эрэгийиэннэр түһээн да баттаппатах, ымсыырар бырайыактара. Бу аҥаардас хостооһун эрэ буолбатах. Манна социальнай эбийиэктэри тутуу, энергетика эмиэ киирэллэр.

Аны сиртэн баайы хостооччулар нолуок эрэ төлөөбөттөр, үлэ миэстэтин таһаараллар. Аны аҕыйах ахсааннаах омуктарга көмөлөһөллөр, ол иһигэр холобурга сылдьар этнологическай экспертиза “түһээнин” түһэрэл­лэр. Улуустар социальнай, экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар үбүнэн кыттыһаллар. “Газпром”, “Сургутнефтегаз”, “Роснефть” харчыларынан дьэндэспит тутуулары көрөргүт буолуо.

Бүддьүөппүт хаҥыыр

«Сэмсэ санаа» биэриигэ ыалдьыттаабыт Ил Түмэн бүддьүөккэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев бигэргэтэринэн, бэйэ дохуота сыллата элбии турар. «Аҕыс сыллааҕыта бэйэбит дохуоппут 110 млрд солк. кэриҥэ этэ. Билигин ити 170 млрд солк. тиийдэ. Бу — үчүгэй көрдөрүү. 60 млрд солк. курдук эбилиннэ”, – диэн кэпсээбитэ кини.

Былырыыҥҥы статистика дааннайын ыллахха, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бүддьүөтүн кээмэйинэн Арассыыйаҕа 8-с миэстэҕэ сылдьар эбит (358,3 млрд солк). 2018 с. бүддьүөтү кытта тэҥнээтэххэ аҥаарын саҕа (44%) эбиллибит. Бырамыысыланнас сайдар, бэйэ дохуота эбиллэр, федеральнай бүддьүөттэн кэлэр харчыбыт эмиэ хаҥыыр. Ити барыта социальнай суолталаах хайысхаларбытын хоточчу үбүлүүрбүтүгэр толору кыах биэрэр.

Холобура, тыа хаһаайыстыбытын ыллахха, 2018 с. тыа хаһаа­йыстыбатын сайдыытыгар бүддьүөппүтүгэр 10 млрд 533 мөл. солк. (ол иһигэр 1 млрд – федеральнай харчы) эбит буоллаҕына, былырыын ити 12 млрд тахсыбыт. Быйыл сыл саҥатыгар 12,5 млрд солк. былааннаабыт эбит буоллахпытына, тыа хаһаайыстыбатын сүрүннүүр вице-премьер Михаил Никифоров эппитинэн, эбиллэн 13,5 млрд солк. тиийбит.

Онон бырамыысыланнас харчыта чуо-бааччы тыа дьонун “аһатан» олорор диэтэхпинэ, бука алҕаһаабатым буолуо. Салалтабыт саха омукка тыа сирэ тыын суолталааҕын өйөөн, өйдөөн, итинник дьаһанар.

Инфраструктурабыт сайдар

Саха сирин тыйыс усулуобуйалаах, киэҥ нэлэмэн сирдээх дойдуга, суол-иис – хорук тымыр­быт тэҥэ. 2018-2021 сс. ыллахха, суол тутуутугар федеральнай уонна олохтоох суоллары тутууга 61 млрд тахса үп бараммыт, барыта 1 896 км суол тутуллубут. «Лена», «Халыма» уонна «Бүлүү» федеральнай трассалара тыргыллан суол да суол буолан эрэллэр. Уус Маайаҕа кыра массыына тиийэр. Кэбээйи суола былырыын бүттэ. 10-ча үрэххэ муосталар тутулуннулар. Билиҥҥитэ Марха өрүһү туоруур саамай улахан муосталаахпыт. Салгыы муостанан Бүлүү өрүһү туоруохпут. Өлүөнэ муостатын эрэнэ кэтэһэбит.

Манна хоту таһаҕаһы тиэйии­ни эмиэ холбуум. Саха сирин логистическай кииннэри тутар былаанын өйөөн, билигин федеральнай үбүнэн (1 млрд былааннаммыт) хотугу оройуоннарга 13 итинник кииннэр баар буолуохтара.

Бырабыыталыстыба отчуотугар сибээс инники миэстэҕэ турарын бэйэм сылдьыспыт буолан дьэбэлэйдиибин. Илин эҥээргэ, Бүлүүгэ оптоволокно билигин тиийэн турар. Аны, аан бастаан диэххэ, былырыын Арктическай зонаҕа, Өлөөҥҥө утах тардыллыбыта. Федеральнай министиэристибэ көмөтүнэн, муора аннынааҕы кабели туһанан, биһиги дьоммут аны Арктиканы барытын түргэн интэриниэттиэҕиҥ диэн этиилээхтэр. Министиэристибэ өйөбүлэ билиҥҥитэ баар.

Аэропордар саҥардыллаллар, Жатайга устар ааллары оҥоруохпут. Ититиигэ холбоно­бут, котельнайдары саҥардабыт, гаастааһын хаҥыыр, уот линиялара уларыйаллар, ГРЭС-2, водозабор үлэҕэ киирбиттэрэ, ыраас уу ыстаансыйалара элбииллэр, хаарбах дьиэлэр көтүрүллэллэр, саҥа кыбартааллар, аныгылыы
дьиэ­­-уот, олбуор, уһуйаан, оскуола, балыыһа тутуллаллар. Баһаам үлэ. Барыта бар дьон туһатыгар.

Айар экэниэмикэбит үүнэр

Бу сайын Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын Бэрэс­сэдээтэлэ Михаил Мишустин кэлэн барыыта, Илиҥҥи пуорумҥа Саха сиригэр ураты болҕомто кыахпытын туоһулуур.

Бастатан туран, Саха сирэ киһи хапытаалынан, айар-тутар дьонунан киэн тутта кэпсэнэр. Саха киинэтин, IT туһунан элбэхтик суруйаллар. Уонча сыллааҕыттан бэттэх ити айар хайысхабыт өссө кэҥээтэ. Онон айар (креативнай) экэниэмикэни барҕардыаҕыҥ диэн сөптөөх дьаһал тахсыбыт. Өссө да сайдыа турдаҕа.

Төһө да ыраах сыттарбыт этии­лэрбитин ылыналлар, өйүүллэр, эспэримиэннэрбитин хото туһаналлар. Холобура, Айсен Николаев Уһук Илиҥҥи ипотека туһунан этиитин Владимир Путин ылынан 40 тыһ. тахса ыал чэпчэки кирэдьиити туһанан, дьиэтин тупсарыммыт. Аны былырыын ардаҕы эрдэ ыҥыран кууран турбут сири-уоту сиигирдэн, ба­­һаартан быыһаныахха диэбиппитин эмиэ өйөөн, эбии харчы, ыстаат көрөннөр, быйыл балаһыанньабыт этэҥҥэ.

Салайааччыларбыт Сахабыт сирин интэриэһин иҥнибэккэ-толлубакка туруорсалларын Москубаҕа эмиэ өйдүүллэр. Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин да буоллун, премьер Михаил Мишустин да буоллун, Уһук Илиҥҥэ эппиэттиир вице-премьер Юрий Трутнев да буоллун, биһигини күүскэ өйүүллэригэр күлүкпүтүгэр имнэ­ниэҕиҥ.

Мэлдьи этиилээх, киирбит-тахсыбыт, сайдам, үтүө үлэһит киһини ким сириэй. Ытыс үрдүгэр сылдьабыт.

Түмүккэ

Икки сыл устата сатыылаабыт пандемия моһоллорун, былырыыҥҥы уот курааны, кытаанах кыстыгы, бу сааскы уонна сайыҥҥы тургутуулары этэҥҥэ туораатыбыт. Салалтабыт кыаҕын, сатабылын, ыксаллаах кэмҥэ бэрт түргэн уонна сөптөөх миэрэлэри ылынарын хайгыыбын. Бырамыысыланнас кэҥиирэ бэйэ дохуотун элбэтэрин, ол барыта суол-иис, дьиэ-уот тутулларыгар, тыа сирэ сайдыытыгар, бар дьон олоҕун уйгута тупсарыгар туһуланарын үөһээ этэн аһардым. Онон түөрт сыллааҕыта норуот быыбарга ыллыктаах быһаарыы ылыммыт эбит диэн түмүккэ кэллим.

Сүгэ кыайбатаҕын, сүбэ кыа­йар диэн бэргэн этии баар. Баар ыарахаттары биир сүбэнэн бары бииргэ түмсэн, кыайан-хотон, үлэлээтэххэ-хамнаатахха олохпут өссө тупсуоҕа. Мантан салгыы аны Ил Дархан стратегическай ыйаахтарын туолуутун ырытан көрүөхпүт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

5 часов ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

6 часов ago