Түөрт түмсүү уһуйааччыта
Былатыан Ойуунускай аатынан Литэрэтииринэй түмэлгэ оҕо эрдэхпититтэн көрөн улааппыт “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо ойууларын таҥас кырадаһынынан аттаран тикпиттэрин көрөн, олус сөҕөн, бу кимнээх оҥорбуттарай диэн ыйыппыппар, Дария Козлова түмсүүтүн үлэтэ диэбиттэрэ.
Олоҥхоҕо айан
РФ норуотун маастара Дария Семеновна “Кырадаһын абылаҥа” түмсүүтэ бу ымпыктаах-чымпыктаах үлэни 2,5 сыл курдук тикпит. “Утуйа сыттахпына эмискэ, эн олоҥхоҕо үлэлиир иликкин, диэбиттэригэр соһуйан уһуктубутум, – диэн Дария Семеновна кэпсиир. – Сонно харахпар “Дьулуруйар Ньургун Боотур” кинигэ көстө түспүтэ. Инньэ гынан, түмсүүм кыргыттарын кытта сүбэлэһэн баран, ылсыахха диэн буолбута. “Ректаймҥа” баран, кинигэттэн 16 хартыынаны А3 формаҕа түһэртэрбитим, дьэ уонна үллэстэн үлэлээн барбыппыт”.
Хартыынаны таҥас кырадаһынынан аттаран түһэрии уустуга көстөн барбыта. Ол курдук, иллюстрациялары оҥорбут худуоһунньуктар туттубут өҥнөрө элбэх бөҕө буоллаҕа, оттон иистэнньэҥнэр “Столичнай” ырыынакка Кытай атыыһыттара аҕалар сукуналарынан эрэ дуоһуйаллар. Сорох хартыыналар олус бытархай ойуулаахтар – аттар тиистэрин, Уот Моҕой араас дьүһүнүн, Айталы Куо аҕыс быластаах суһуоҕун, Туйаарыма Куо үрүҥ көмүс илин кэбиһэрин аттаран таһаарыы – бу барыта улуу тулууру, дьулууру эрэйэр үлэ. Аһара бытархай ойууну былыргы сиигинэн барбыттар. Дария Семеновна бу сииги, өбүгэ саҕаттан кэлбит сиик диэн этэр. Биирдэ Сунтаарга тиийэн, “Сунтаар ситимэ” түмсүүгэ ыалдьыттаабыттар, онно биир көбүөр олох ураты сииктээҕин көрөн, муодарҕаан ыйыппыт. Ону, София эбээтин тигэр сиигэ диэбиттэр. Бэрт судургутук быһааран биэрбиттэр. Дария дьиэтигэр кэлэн, эппиттэрин курдук иннэтин уҥа диэки туора тутан тигэн барбытыгар, адьас иистэнэр массыына сиигиттэн туох да атына суох сиик тахсан кэлбит. Онон бу сииги баһылааннар, үлэлэрэ лаппа түргэтээбит. Панно быйыл силигэ ситэн, “Саха сирин мозаиката” быыстапкаҕа көрдөрүүгэ тахсан, 3-с истиэпэннээх дьупулуомунан наҕараадаламмыт.
Иистэнэргэ дьиэ суоҕа атахтыыр
Дария Семеновна ханна да сырыттын, наар дьоҥҥо билиититтэн бэрсэ, үөрэтэ сылдьар айылгылаах. Хатаска олорор кэмигэр “Хатастаана”, “Хатасталаана” диэн икки бөлөҕү арыйан үлэлэппит. Билигин ол бөлөх чилиэннэрэ бэйэлэрэ дьону үөрэтэллэр. 2015 сыллаахха баҕалаах дьон бэйэлэрэ көрдөһөн түмсүү тэринэллэр, “Кырадаһын абылаҥа” диэн ааттаналлар. Бу уонча сыл устатыгар төһөлөөх элбэх дьиэнэн көһө сылдьан үлэлээбиттэрэ буолуой. Хаарыаны анал хостоохторо буоллар, өссө элбэҕи ситиһиэхтэрэ хаалбыт дии саныыгын. Бастаан атахтарыгар туралларыгар босхо хос биэрэн, улахан өйөбүлү Художественнай түмэл салалтата оҥорбут.
“Миэхэ уонча сыл үлэлээбит кыргыттар илиилэрин имиттилэр, талааннарын таһаардылар, – диир Дария Семеновна. – Кыбытыгы эрэ буолбакка, түүлээҕи кытта тигэллэр. Намҥа икки сыл Карамзиннарга, Васильевтарга тахсан, туостан ыаҕайаны, чабычаҕы тигиини саҕалаабыппыт. Иистэнньэҥ хайаан да маннык иһиттээх буолуохтаах диэн, туостан маллаах иһит оҥоһуннум. Кылтан, сиэлтэн эмиэ баайабын. Биир кыалла илик баҕам – кылтан сөрүө оҥоруохтаахпын. Барытын бэйэҥ сатыыр эрэ буоллаххына, дьону үөрэтэр, уһуйар буоллаҕыҥ”.
Киһи сатыырын киһи сатыахтаах
Норуот маастара бу ийэтэ эппит тылларын олоҕун устата кынат оҥостон илдьэ сылдьар.
“Мин оҕо эрдэхпинэ ийэм иистэнэрин харахпынан көрөн үөрэммитим, – диир иистэнньэҥ. – Оттон кийиит буолан тиийэн, Чурапчы иистэнньэҥнэриттэн элбэҕи ылбытым. 2010 сыллаахха Светлана Петрованы көрсүөхпүттэн, дьэ дьиҥнээхтик ылсан дьарыктаммытым. Кини “Иис үрдүкү оскуолатын маастарыстыбата” кыһатыгар 5 сылы быһа төрүт иис методикатын үөрэппиппит. Киһи бэйэтэ бэйэтигэр иистэниэн сөп, ол гынан баран, өбүгэ саҕаттан кэлбит канону билбэт, тутуспат буоллаҕа дии”.
Түмсүүнү таһынан, сахалыы иискэ үөрэниэн баҕалаахтары мунньан үөрэтэр. Ордук хамсык саҕана, киһи барыта дьиэтигэр хаайтаран хаалбыт кэмигэр, 20-лии киһилээх 6-7 бөлөҕү тэрийэн, онлайн үөрэппит. 120 тугу да сатаабат киһини төлөпүөнүнэн үөрэт эрэ…
Норуот маастара билигин биир хоһу куортамнаан, субуотаҕа биир киһи кэллин, биэс киһи кэллин, үөрэтэ олорор. Бастаан судургу соҕус оҥоһуктары оҥорторон, сииктэрин көрөр-истэр, салгыы сорудахтары биэрэн иһэр. Үөрэтии алтынньы 1 күнүттэн ыам ыйын 31 күнүгэр диэри барар. Кини хас биирдии саха ыала сахалыы муннуктаах буолуон баҕарар: чаппараах, панно, урут сундуук сабыытын тигэр буоллахтарына, билигин ларь сабыыта оҥостуохха сөп диир. Илиилэрэ үөрэммитин кэннэ баҕалаахтар сон тигиитигэр туруналлар.
Дария Семеновна үөрэнээччитэ Полина Федорованы кытта “Мааныга кэтэр кытыылаах сахалыы сон” түмсүүнү аһан, кинилэр көмөлөрүнэн 80-ча дьахтар сахалыы соннонно. Ньэмиэттэрин быһан, хайдах өҥнөөх, төһө миэтэрэлээх сукуна наадатын, ханнык сап барсарыгар тиийэ сүбэлээн биэрэллэр. Дьиэтээҕи сорудахтарын биэрэн ыыталлар. Ким эрэ сонун ый аҥаарынан, ким эрэ үс сылы быһа тиктиэн сөп. Аны сон эрэ буолбатах, өттүк симэхтээх, бэргэһэлээх, үтүлүктээх – быһата толору кэмпилиэк. Сорохтор соннорун иһин уһуллар гына оҥостон, сыл хайа баҕарар кэмигэр кэтэллэр. Тимэҕи да тикпэт дьахталлары сон толору кэмпилиэгин тигэргэ үөрэтии – ылбычча киһиэхэ кыайтарбат буолуохтаах. Биирдии дьарыктарын сыаната – 750 солк. Бу мантан хосторун куортама төлөнөр. Дария Семеновнаҕа кэлэн сон тигэргэ үөрэниэхтэрин баҕарар дьон төлөпүөнүн эрэдээксийэттэн ылыахтарын сөп.
Уһуйааччы үөрүүтэ
Бу уон сыл устатыгар 3 үөрэнээччитэ “Норуот оҥоһуктарын маастара” ааты ылбыт, ону таһынан, улуустарга үөрэппит дьоно эмиэ аакка-суолга тиксибиттэрин истэн үөрэр. Биллэн турар, “Норуот оҥоһуктарын маастара” ааты ыларга элбэх быыстапкаҕа сылдьыахха, кыттыахха наада. Онон, “Кырадаһын абылаҥа” түмсүү чилиэннэрэ биэнсийэлэрин аттарынан, улуустарга тахсан быыстапкалыыллар, биир идэлээхтэрин кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэһэллэр. 2023 с. “Уһуйааччы уонна уһуйуллааччы” быыстапканы Фольклор, муусука түмэлигэр тэрийбиттэр. Онно норуот маастара Анна Зверева кэлэн: “Сайдыбыккыт, өҥү-дьүһүнү туттаргыт олох ураты”, – диэн хайҕаан барбыт. Дария Семеновна ити сыанабылы улахан ситиһиинэн ааттыыр: “Мин сыалым-соругум – кырадаһыннаах кыбытыкка өҥү-дьүһүнү дьүөрэлээн туттуу”.
Эһиил түмсүү тэриллибитэ 10 сылынан тохсунньу 24 күнүгэр “Симэх” галереяҕа иннэликтэн саҕалаан тикпит оҥоһуктарын мунньан улахан быыстапканы тэрийээри, “Кырадаһын абылаҥа” диэн үһүс кинигэлэрин таһаараары сылдьаллар.
Норуот маастарын сүбэтэ:
– Кыбытыылаах тигиинэн дьарыктаныахтарын баҕарар дьон бастаан маастардарга кэлэн, тигэр ньымаларын билсиэхтэрин наада. Тоҕо диэтэххэ, хас биирдии маастар араастык үөрэтэр.
Сукунаны “Столичнай” ырыынактан ылабыт, кытай сукуната сиэристээх уонна өһүллүбэт буолан, кырадаһынтан аттаран тигиигэ барсар. Итиэннэ арааһа элбэх уонна сыаната арыый чэпчэки. Наһаа чаҕылхай өҥнөрү, холобур муус маҥаны ылларбаппын, кирдээх соҕус өҥнөөх маҥан барсар. 7-8 өҥ туттуллар. Кырадаһынтан тигиигэ саамай уустуга – өҥү-дьүһүнү аттарыы, таҥыы. Кыбытыылаах тигиигэ сиик кэтитэ 2 мм улахан буолбат, оннук сииги өтүүктээтэххэ хаптайар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: