Салгыы
Тыгын Дархан аатын бөдөҥ ювелирнай алмааска иҥэрдилэр

Тыгын Дархан аатын бөдөҥ ювелирнай алмааска иҥэрдилэр

19.01.2023, 15:48
Бөлөххө киир:

2022 сыл тохсунньу 19 күнүгэр хостоммут ювелирнай алмаас Тыгын Дархан аатын ылла.  

Тыгын Дархан – Хаҥалас сахаларын тойоно уонна дархана, үгүс ахсааннаах саха номохторугар киирбит биллэр дьоруой, XVI —XVII үйэ бүтүүтүгэр олоро сылдьыбыт, устуоруйаҕа киирбит киһи. Тыгын туһунан номохтор Бүлүүтээҕи барыйааннарыгар модун күүстээх бухатыыр курдук ойууланар.   Устуоруктар кинини саха  аҕа уустарын түмээччинэн ааттыыллар.     Академик Окладников саныырынан, күүстээх энергиялаах, салайар уонна байыаннай кыахтааҕын иһин, үгүс саха аҕа ууһун салайааччынан ааттаабыта.  Кини судаарыстыбаннаһы олохтуур туһуттан бэйэтин тула кинилэри түмэ тардарга дьулуспута. Тыгын үйэлэр кирбиилэригэр олорбута, онон Енисейтэн кэлбит нуучча хаһаактарын кытта сирэй-сирэйгэ көрсөр кыахтаммыта, ити түмүгэр байыаннай атааннаһыылар уонна ыллыктаах кэпсэтиилэр да буолуталаабыттара.  Номоххо кэпсэнэринэн, Тыгын Өлүөнэ эбэ хаҥас кытылыгар Туймаада киэҥ хочотун кэрэ көстүүлээх сирдэригэр, чуолаан Хатыҥ Үрэх суолун таһыгар өбүгэ сирдэрдээҕэ.  Сылгы-сүөһү бөҕөнү үмүөрүппүтэ, буойуннардааҕа, кулуттардааҕа, сүөһү-сылгы көрөөччүлэрдээҕэ, атын да кулут-чаҕар дьоно элбэх этэ.

СИА

Хаартыска: СИА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: