«Тыгын Дархан» куукулалара Арассыыйатааҕы куонкуруска кыайдылар

Share

Сэтинньи 2-4 күннэригэр Благовещенскай куоракка Бүтүн Арассыыйатааҕы «Магия кукол» диэн быыстапка-куонкурус ыытылынна. Саха сирин маастардара манна кыайыы өрөгөйүн билэн, сүрүн бирииһи ылан кэллилэр.

Хаартыска: "Симэх" киин.

Бу дойду үрдүнэн куукула маастардарын түмэр, айар үлэлэрин көрдөрөр-сырдатар улахан тэрээһин буолар. Ол иһин үгүс эрэгийиэннэртэн кытталлар.

Саха сирин «Кэрэли» кэлэктииптэн маастардар Каролина Парфенова уонна Маргарита Алексеева кытыннылар. Кинилэр «Тыгын Дархан» диэн композицияны туруорбуттар. Бу Далан «Тыгын Дархан» айымньытын уобарастарынан дьүһүйүллүбүт 25 куукулалаах композицияны араас маастардар оҥорбуттара. Манна былыргы саха таҥаһа-саба, киэргэлэ, ат симэҕэ,  былыргы дьон итэҕэтиилээх уобарастара сөхтөрөр.

Быыстапкаҕа барыта араас ньыманан оҥоһуллубут 150-тэн тахса үлэ баара. Бурятияттан, Саха сириттэн, Забайкальскай кыраайтан, Приморскай кыраайтан, Амурскай уонна Сахалинскай уобаластартан кэлибт маастардар бэйэлэрин айар үлэлэрин билиһиннэрдилэр уонна кистэлэҥнэрин кэпсиир маастар-кылаастарын ыыттылар.

Хаартыска: "Симэх" киин.

Куонкурус түмүгүнэн, «Кэрэли» кэлэктиип үлэтэ гран-при наҕараадатын ылла диэн «Симэх» норуот айымнытын киинэ иһитиннэрэр. Бу биһиги маастардарбыт талааннарын дойду үрдүнэн билинии буолар.

Чахчы, саха сатаабата диэн суох. Туохха барытыгар ылсыста да, ситиһиилэнэр. Бу маннык куукулалары маастардар уонча сыллааҕыта эрэ оҥорор буолбуттара уонна номнуо үрдүк  таһымҥа таҕыстылар.

What’s your Reaction?
+1
15
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

18 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

1 час ago
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

2 часа ago