Түһээн төлөбүрэ чугаһаан, түөкүттэр ону бултаһан эрэллэр
Билигин кыбартыыраҕа, массыынаҕа, сир учаастагар түһээн төлөбүрэ кэлбитинэн, түөкүттэр саҥа схеманы толкуйдаабыттар.
“Госуслугаҕа” тус кэбиниэккэр киирээрилэр, иккитэ албыннаан эрийэллэр. Тоҕо эрэ баан счетунааҕар түөкүттэр аны онно киирэллэрин ордорор буолбуттар.
Дьиҥэр, ахсынньыга диэри мал-сал түһээнин төлөөҥ диэн иһитиннэриилэр буостанан, ФНС сыһыарыытыгар эбэтэр тус кэбиниэккэр, “Госуслугалар” порталларыгар кэлэллэр.
Түөкүттэр уратылара диэн төлөпүөнүнэн эрийэн, буоста үлэһиттэрэбит дииллэр уонна Түһээн сулууспата заказной суругунан төһөнү төлүүргүн ыыппыт диэн этэллэр. Ол кэннэ иһитиннэриини – электроннай көрүҥүнэн ылыаххын баҕараҕын дуу, боростуой буостанан ылыаххын баҕараҕын дуу диэн ыйыталлар. Хайа баҕарар көрүҥү “Госуслугалар” нөҥүө бигэргэтиэхтээххит дииллэр уонна СМС-нан кэлэр коду эт дииллэр. Коду ыыттыҥ да, “Госуслугаҕа” баар тус бэйэҥ кэбиниэккэр киирэр аан аһыллар, ону кытта кэбиниэккин кытта быраһаайдаһаргар тиийэҕин.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: