Андрей Сорокин хаартыската, ЯСИА архыыбыттан.
Бүгүн, от ыйын 11 күнүгэр, уоту утары охсуһууга 1047 киһи уонна 37 тиэхиньикэ үлэлииллэр. Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ Экологияҕа миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 14 514 га иэннээх 26 ойуур баһаарын Амма, Алдан, Үөһээ Халыма, Муома, Өймөкөөн, Орто Халыма, Уус Маайа улуустарыгар умуруордулар.
Авиациянан уонна космостан кэтээн көрүүнэн 83,3 га иэннээх сиринэн 10 ойуур баһаары булбуттар. Ойуур баһаарын төрүөтэ – этиҥнээх ардах.
От ыйын 11 күнүн сарсыардатыгар барыта 149 ойуур баһаара (уот хаппыт уопсай иэнэ 323 034,1 га) баара бэлиэтэнэр. Итинтэн 7 бохсулунна (1640 га) — Амма, Үөһээ Халыма, Алдан, Уус Маайа, Нерюнгри, Мииринэй оройуоннарыгар.
Маны сэргэ, 1 ландшафтнай баһаар (иэнэ 537 га) Өймөкөөн оройуонугар баар.
sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа, суруйааччы Надежда Егорова-Намылы "Киһи күн…
Уот Кыһыл Сылгы сыл кэлбитинэн тапталлаах Дьөһөгөйбүт оҕото атын кыыллартан туох уратылааҕын билэ-көрө түһүөҕүҥ. Былыргы…
Ааспыт сыл бүтүүтэ, ахсынньы 30 күнүгэр, Үөһээ Дьааҥы Баатаҕайыгар элбэх кыбартыыралаах дьиэ умайан, биир эр…
Бүгүн, тохсунньу 3 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ баһыйар үгүс өттүгэр хаардыаҕа. Арҕаа 9-14 м., соҕуруу 15-17 м.…
Саҥа дьыллааҕы түүн биэс уол уонна үс кыыс күн сирин көрдүлэр. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ Ил…
Тохсунньу 1 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ саамай кырдьаҕас олохтооҕун Татьяна Сафонованы 105 сааһын туолбутунан эҕэрдэлээтилэр. Киниэхэ дойду…