Тыһыынчаттан тахса киһи ойуур баһаарын умуруорар

Share

Бүгүн, от ыйын 11 күнүгэр, уоту утары охсуһууга 1047 киһи уонна 37 тиэхиньикэ үлэлииллэр. Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ Экологияҕа миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 14 514 га иэннээх 26 ойуур баһаарын Амма, Алдан, Үөһээ Халыма, Муома, Өймөкөөн, Орто Халыма, Уус Маайа улуустарыгар умуруордулар.

Авиациянан уонна космостан кэтээн көрүүнэн 83,3 га иэннээх сиринэн 10 ойуур баһаары булбуттар. Ойуур баһаарын төрүөтэ – этиҥнээх ардах.

От ыйын 11 күнүн сарсыардатыгар барыта 149 ойуур баһаара (уот хаппыт уопсай иэнэ 323 034,1 га) баара бэлиэтэнэр. Итинтэн 7 бохсулунна (1640 га) — Амма, Үөһээ Халыма, Алдан, Уус Маайа, Нерюнгри, Мииринэй оройуоннарыгар.

Маны сэргэ, 1 ландшафтнай баһаар (иэнэ 537 га) Өймөкөөн оройуонугар баар.

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сүллүүкүттэр хаһан тахсалларый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох сиринэн -15-20°С кыраадыс тымныы буолуоҕа

Бүгүн, тохсунньу 7 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ илин, соҕуруулуу-илин өттүгэр сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт. Мантан атын оройуоннарга кыралаан…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Харыйаны хаһан хомуйар табыгастааҕый?

Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктар түмүктэнэн, симэммит харыйалары хомуйар кэм чугаһаата. Астрологтар маннык күннэргэ харыйаны хомуйары сүбэлииллэр:…

16 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьиэ кэргэн ипотеката чэпчиэ дуо?

Судаарыстыбаннай Дуумаҕа дьиэ кэргэҥҥэ үһүс уонна онтон кэлэр оҕолор төрөөтөхтөрүнэ дьиэ кэргэн ипотекатын ыстаапкатын намтатар…

17 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл уоппускаҕа барарга саамай барыстаах ый

Бэрэсидьиэн академиятын эспиэрэ Татьяна Подольская быйыл уоппускаҕа барарга саамай барыстаах ыйдары эттэ. Кини иһитиннэрбитинэн, биэс…

18 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Ороһуоспа остуолугар судургу ырысыаптар

Ороһуоспа бырааһынньыгар остуолга ууруллар ас-үөл дойду эрэгийиэннэринэн араастаһыан сөп эрээри, бырааһынньыгы көрсө үгүс хаһаайкалар маннык…

19 часов ago