«Тыйаатыр дьонугар» – Изабелла, Анатолий Николаевтар (видео)

Share

Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар 2024  сыл — ураты сыл. Ол курдук, М.Щепкин аатынан тыйаатыр үһүс устуудьуйатын бүтэрбиттэр 50 сылларын бэлиэтииллэр. 1974 сыллаахха Москваҕа  артыыс үөрэҕин бүтэрэн, Саха тыйаатырыгар уонна Ньурбатааҕы көһө сылдьар тыйаатырга үлэлии кэлбит эдэркээн ыччаттар саха ускуустубатын устуоруйатыгар биллэр-көстөр суолу-ииһи хаалларан, бу тыйаатырдар  тумус туттар дьоно буолан,  күн бүгүҥҥэ диэри ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар. Сүрүнэ – тыйаатыр былыргы   тыынын эттэригэр-хааннарыгар иҥэринэн илдьэ сылдьар чулуу дьоммут  эдэр көлүөнэ артыыстарга үтүө холобуру көрдөрөллөр, биир сыанаҕа оонньоон сүбэ-ама буолаллар.

Дыраама уонна киинэ артыыһын бүтэрбиттэрэ үйэ аҥаара буолбут устуудьуйа үбүлүөйдээх сылынан  араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Олортон биирдэстэрэ –Арассыыйаҕа  Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылыларын  чэрчитинэн,  РФ үтүөлээх, СӨ норуодунай артыыстара Изабелла, Анатолий Николаевтар “Тыйаатыр дьоно” бырайыакка ыалдьыттаатылар, тапталлаах көрөөччүлэрин кытары атах тэпсэн олорон сэһэргэстилэр.

Кырдьыга даҕаны, артыыстары кытары атах тэпсэн олорон кэпсэппэтэх, кинилэр сэргэх кэпсээннэрин сэҥээрэ истибэтэх ырааппыт да эбит!  Сыанаҕа көрөртөн ураты итинник кэпсэтиилэри тэрийэр бырайыагы толкуйдаабыт тыйаатыр сонун көрүүлээх   үлэһиттэригэр чахчы махтаныах эрэ тустаахпыт (хайыы үйэ үһүс көрсүһүү). Дьэ, маннык көрсүһүүлэргэ артыыстар саҥарар саҥаларыттан, этэр тылларыттан  саха тылын сүөгэйин-сүмэтин иҥэринэргин сэргэ, элбэх араас устуоруйаны билэҕин, умна быһыытыйбыккын санаан кэлэҕин. Онтон норуодунай артыыс Анатолий Николаев  ыллыктаах тылын-өһүн, сыанаҕа туттар-хаптар маастарыстыбатынан көрөөччүнү абылыырын тутан олорон   көрүөн-истиэн баҕалаах аҕыйаҕа суоҕа сэрэйиллэр этэ. Тыйаатыры таптааччы, тыйаатыр туруорууларын көтүппэккэ көрөр Мария Неймохова эппитинии: “Оо дьэ, барахсан, көрүҥэ астыга, куолаһа үчүгэйэ киһи эрэ сэҥээрэ,  сэргии олоруох курдук!”.

“Тыйаатыр дьоно” көрсүһүүгэ Анатолий Николаев кэпсэтиини бэрт ыраахтан, Саха сиригэр култуура, тыйаатыр төрүттэммит устуоруйатыттан саҕалаан, билиҥҥи кэмнээҕи көстүүлэргэ  тус көрүүлэрин үллэһиннэ, сорох түгэннэргэ көрөөччүнү толкуйга түһэрэн ылла.

 Тыйаатыр баар буолуохтаах дуо?

-«Тыйаатыр туохха нааданый?»  диэн ыйытыы сотору-сотору күөрэйэн тахсааччы. Дьэ, тыйаатыр наада эбит. Тыйаатыра суох киһи туга эрэ тиийбэт курдук буолар эбит. Тыл күүһэ, үгэс тыйаатыра, саха омук үйэтин-сааһын тухары муспут баайа, кини философията, өйө-санаата, сиэрэ-туома барыта бу дьиэҕэ мунньуллан сытар. Бу дьиэттэн өрөспүүбүлүкэбит бары тыйаатырдара үөскээн тахсыбыттара. Ол аата Саха тыйаатыра биһиги култуурабытыгар, духуобунаспытыгар акылаат буолбут тэрилтэ. Дьэ хайдах үөскээбитэй? — диэн баран  норуодунай артыыс  көрөөччүлэрин эргиччи көрдө…  — 1905 сыллаахха Баһылай Баһылайабыс Никииппэрэп-Күлүмнүүр  саха омук уопсастыбатын тэрийбитэ. Уопсастыба саха омуга  атын омуктартан туох да итэҕэһэ суохтук сайдарыгар  улахан соругу туруорбута.   Ол иһин, уопсастыба иһинэн саха норуотугар үөрэҕириини тарҕатар бөлөх үөскээбитэ. Бэйэбит туспа тыллаах-өстөөх, туспа өйдөөх-санаалаах омук сайдарбытыгар туохпут тиийбэтий диэн ыйытыыга  култуурабыт, духуобунаспыт тиийбэтин, бэйэбит суруктаах-бичиктээх, муусукалаах, бибилэтиэкэлээх, тыйаатырдаах буолуохтаахпытын бэлиэтээбитэ.  Түмсүүгэ  баар дьон бары кыттаннар,  1906 сыллаахха тохсунньу 3 күнүгэр  “Бэрт киһи  Бэриэт Бэргэн” диэн  олоҥхонон испэктээги көрдөрбүттэрэ. Онон, саха тыйаатырын ускуустубата мантан саҕаламмыта, бу —  саха тыллаах тыйаатыр үөскээбит күнэ-дьыла.

1925 сыллаахха Максим Аммосов дьаһалынан дьэ, дьиҥнээх судаарыстыбаннай тыйаатыр үөскээбитэ. Ол аата саха тыллаах тыйаатыр төрүттэммитэ — 118 сыла, онтон дьиҥнээх докумуонунан судаарыстыбаннай тыйаатыр буолбута эһиил 100 сыла буолар.

Күлүмнүүр суруйбут “Манчаары түөкүн” диэн саха бастакы драматическай поэматыгар  Манчаарыны Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, атын оруолга Максим Аммосов  оонньообуттара.

Биир дьиктитэ баар, сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар оруобуна Саҥа дьылга ол саҕанааҕы интэллигиэнсийэ мустан,  сахалар сайдарбытыгар култуура саамай акылаат буоларын бэлиэтээн туран,  сарсыҥҥы саргылаах олох хайдах буолуохтааҕын сүбэлэһэллэрэ. Онон биһиги бастакы ааттаахтарбыт, улахан өйдөөхтөрбүт култуураҕа, ускуустубаҕа наһаа улахан соругу  туруорбуттар уонна ону олоххо киллэрбиттэр.

Тылбаастаммыт айымньылар суолталара сүппэт

Сэһэргэһии  быыһыгар-ардыгар Николаевтар оонньообут испэктээктэриттэн быһа тардыылары көрдөрөн, көрөөччүлэри өссө  сэргэхситтилэр. Анатолий Николаев  испэктээктэн быһа тардыылары көрдөрүөх иннинэ, испэктээк   турбут устуоруйатыттан кылгастык билиһиннэрэн, көрө илик эдэр  көрөөччүнү бэлэмнээтэ, оттон сорохтору  ол ааспыт кэмнэргэ төнүннэрэн ылла. Уопсайынан, көрсүһүү испэктээктэр дьоруойдарын тылларынан-өстөрүнэн барбыта “Тыйаатыр дьоно” үһүс бырайыак биир сүрүн уратытынан буолла.

-1921 сылтан Сахабыт тыйаатырын дириэктэринэн үлэлээбит Анемподист Софронов-Алампа   Саха тыйаатыра сайдарыгар  бигэ тирэҕи уурбута, кини айымньылара бары биһиги тыйаатырбытыгар турбуттара.

Саха суруйааччыларын айымньыларын   сыанаҕа туруорары ыраахтааҕы цензурата бобон кэбиспитэ, инньэ гынан тылбаастары оҥорон барбыттара. Онно сүнньүнэн Алампа  үлэлээбитэ, кинини  билигин “Сахалар Островскайбыт” диибит. Тоҕо диэтэххэ, Алампа айымньылара Островскай айымньыларыгар майгынныыллар, ол эрэн,   сахатыйбыт айымньылар. Биһиги улуу кырдьаҕас артыыстарбыт Островскай айымньыларыгар буспуттара-хаппыттара, маастарыстыбаларын үрдэппиттэрэ.

“Өрөбөлүүссүйэ буурҕаһыта”  Максим Горькай айымньытын  аан бастаан Алампа тылбаастаан сыанаҕа туруорбуттара. Кэлин Дмитрий Ходулов “Түгэххэ” пьеса биир сүрүн уобараһа Сатины илбистээхтик  арыйбыта күн бүгүҥҥэ дьиэри өйбөр-санаабар иҥэн сылдьар. Ол курдук,  Горькай биһиэхэ куруук “чугаһыы” турар. Эдэр режиссербут  Сергей Потапов эмиэ бэйэтин көрүүтүнэн туруорбута.   М.ГорькайТимир Баассатыгар” 100 сыллааҕыта суруйбут кыһалҕалара билигин да баар буолан, аныгы тыйаатырга туруоруллаллар.

Сатирическай кэмиэдьийэ нуучча  классикатыгар Николай  Гогольга, онтон сахаларга Николай Неустроевка  баар.  Режиссербут Василий Михайлович Фомин  суруйааччы, драматург Николай Неустроев   айымньыларын ис-иһиттэн баҕаран туран, олох чахчы умайыктанан туран туруорара.

Аан дойдутааҕы таһымнаах тыйаатыр буоларбытынан, нуучча дырааматын классиктарын, биһиги бырааттыы омуктарбыт айымньыларын элбэхтик туруорбуппут. Саха тыйаатырын үөһээ кынаттаан таһаарбыт  киһинэн  улуу суруйааччы, бөлүһүөк, түүр омуктарга саамай улахан киһибит Чингиз Айтматов буолар.

40-ча сыл анараа өттүгэр Федот Федотович Потапов Шекспир «Гамлет» айымньытын туруорбута. Эдэр артыыс Николаевка Гамлет оруолун биэрбиттэрэ. Ол саҕана  эдэр, максималист киһи бу олоххо үрүҥ уонна хара өҥтөн  атыны көрбөт эбиппин. Дьиҥэр, олоххо тыһыынчанан өҥ баар буоллаҕа. Билигин санаан көрдөххө, Гамлеты олох атыннык толкуйдаан таһаарыахха сөп эбит. Биһиги Гамлеммыт бөлүһүөгү, дьиктитик ыраҥалыыр киһини оонньообута.

Николай Гоголь «Кэргэн кэпсэтии» пьесатын тыйаатыр сүрүн режиссера Андрей Борисов туруорбута. Бу айымньы Саха сирин барытын кэрийбитэ.

1985 сыллаахха Москваҕа «Современник» тыйаатырга сэттэ испэктээги, ол иһигэр “Кэргэн кэпсэтиини” илдьэ барбыппытыгар оччотооҕу кириитиктэр, тыйаатыр эйгэтин суруйар дьоммут олус сөбүлээбиттэрэ. Испэктээктэрбитин аан бастаан көрбүт Москва олохтоохторо даачаларыгар барбакка,  биһиги туруорууларбытын барытын көрбүттэрэ уонна астыммыттара. “Маннык национальнай тыйаатыр биһиги Сэбиэскэй сойууспутугар баар буолуо диэн түһээн да баттаппатахпыт”, — диэбиттэрэ.  Ол аата биһиги 1985 сыллаахха Сэбиэскэй сойууска Саха тыйаатыра баарын биллэрбит эбиппит.

Улуулардыын биир сыанаҕа

-Мин бу күннэргэ наар улуу кырдьаҕастарбытын санаан таҕыстым,  – диэн Анатолий Павлович мээнэҕэ эппэтэ.

Кини тыйаатыр аксакала  Дмитрий Ходулов 1974 сыллаахха саҥа сүүрээн киирэр буолбутуттан  хайдахтаах курдук үөрбүтүн, өрө көтөҕүллүбүтүн аҕынна. Эдэркээн Анатолий аан бастаан  Степан Ефремов “Ини-биитигэр” Дмитрий Ходуловтыын оонньообут дьоллоох.

Дмитрий Ходулов уҥуоҕунан соччо улахана суох киһи ээ. Ол гынан баран, сөҥ куолаһынан саҥаран-иҥэрэн, көрөн-истэн, туттан-хаптан бардаҕына сыананы барытын ылан кэбиһэрэ. Оннук хайдах эрэ айылҕаттан күүстээх айылгылаах киһи этэ. Биһиги тыйаатырбыт итинник артыыстары улуу талааннаах дьонунан билинэр.

Манна сыһыаран эттэххэ, өссө биир дьикти баар. Биһиги 1974 сыллаахха тыйаатырга кэлиэхпитигэр диэри Саха тыйаатыра биир үгэстээҕэ – атын омук испэктээктэрин туруоралларыгар дьоруойдар хайаан да сирэйдэригэр гириим оҥостоллоро, парик кэтэллэрэ эбэтэр баттахтарын кырааскалаталлара. Негры оонньуур буоллаххына, букатын даҕаны хара өҥүнэн гириимнэнэллэрэ. Онтон биһиги тыйаатырга туох эмэ уларыйыыны киллэриэххэ диэн сыал-сорук туруорумматахпыт да үрдүнэн, нуучча классическай театральнай оскуоланы бүтэрэн кэлбит дьон тыйаатыр олоххо чугаһыахтаах диэн санааттан эбитэ дуу, гириимтэн муҥутаан аккаастанан барбыппыт. Дьиҥэр, ол сыыһа эбит. Санаан көрүҥҥүтүүй: Дмитрий Ходулов,  Матрена уонна Марк Слепцовтар, Яков Кычкин уо.д.а. артыыстар сыанаҕа киһи билбэт гына  хайдахтаах курдук уларыйаллар этэй? Ити Саха тыйаатырын дьиҥнээх кылаата, төрүтэ эбит. Ону биһиги аргыый аҕай суох оҥорбут эбиппит. Дэлэҕэ даҕаны Суорун Омоллоон “Көҥүл итии күнэ” испэктээги көрөн баран: «Бээ-эрэ, негрдаргыт ханналарый?» -– диэ дуо? Оҕонньор бастаан сөбүлээбэтэҕэ…

 

Федот Потапов… Баһылай Харысхал

-Улуу суруйааччы, бэйиэт, драматург Иван Гоголев-Кындыл режиссер   Федот  Потаповтыын биһиги тыйаатырбытыгар отучча айымньыны туруорбуттара. Санаан көрүҥ, аҥаардас биир драматург отучча айымньыта Саха тыйаатырыгар туруута сэдэх көстүү. Кэлин Баһылай Харысхал айымньылара тыйаатыр сүҥкэн  үлэлэринэн буолбуттара. Кини репрессияҕа түбэспит улуу уолаттарбыт тустарынан  суруйуута 9 испэктээк буолан  аҥаардас биһиги тыйаатырбытыгар турбута.

Василий  Егорович Васильев-Харысхал  биһиги  дьиксинэр, куттанан ааттарын да улаханнык ааттаабат, сибигинийэн эрэ саҥарар дьоннорбут, тумаҥҥа симэлийбит чулуу дьоммут, репрессияламмыттар тустарынан сырдатаары  өр сыллар тухары дьаныһан туран үлэлээбитэ.   Кини биһиги эрэ тыйаатырбытыгар буолуо дуо,  бүтүн саха норуотугар дириҥ суолу хаалларан барда. Убаастыыр, ытыктыыр киһибит Баһылай Бырдьахаанап Харысхалга  “театральнай драматург” диэн үрдүк сыанабылы биэрбитэ.  Ол аата тыйаатыр бэйэтин иһиттэн үөскээн тахсыбыт, тыйаатыр кистэлэҥин барытын билэр киһи.

Баҕар, бүгүн Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын Алампатын саалатыгар саастаах дьон мустан, миигин ахтан эрэллэр, тыйаатыр сарсыҥҥытын туһунан кэпсэтэ, сүбэлэһэ олороллор, үчүгэй дьыала эбит диэн үөһэттэн көрөн тураахтыыра буолуо… Төһөнөн сыл-хонук аастаҕын аайы, кини улуута өссө  улаатан иһиэҕэ!

“Биһигиттэн үөрэнэллэр”

-Киһи төһөнөн элбэх араас дойдуга сылдьар, ол омуктары кытары алтыһар, кинилэр тустарынан тугу эрэ билэр, кэпсэтэр буоллаҕына, бэйэтэ да билбэтинэн байан-тайан иһэр. Аҥаардас Саха тыйаатырын этэр буоллахха, билигин кыбыстыбакка ханнык баҕарар дойду тыйаатырдарын, артыыстарын, режиссердарын кытары холкутук кэпсэтиэхпитин сөп.

2016 сыллаахха Саха тыйаатыра  сэттэ испэктээгин (ол иһигэр, икки премьераны) илдьэ улахан гостуруолга туруммута.  Биир ый иһигэр Бишкек, Алма Ата, Астана, Уфа, Казань уонна Москва курдук куораттарга сылдьан, хас биирдиилэригэр  үстүү испэктээги көрдөрбүппүт. Щепкин аатынан тыйаатыр училищетыгар биир кэмҥэ үөрэнэ сылдьыбыт казахтарбыт сөрү диэн сөхпүттэрэ. Улахан артыыс, тэрийээччи буолбут Мухтар диэн доҕорбут Астанаҕа тыйаатырга үлэлии сылдьара. Кини: «Эһиги, сахалар,  наһаа да күүстээх санаалаах эбиккит. Өйбөр кыайан киллэрбэтим: биир  ый иһигэр хайдах  биэс атын-атын өрөспүүбүлүкэҕэ сылдьан испэктээктэри көрдөрүөххэ сөбүй? Биһиги итинниккэ сананар да кыахпыт суох.   Муҥутаан чугас ыалларбытыгар Бишкеккэ эрэ баран кэлиэ этибит дуу? Күүстээх санаалаах омуккут!» -– диэн сөхпүтүн-махтайбытын кистээбэтэҕэ. Оттон биһиги оччолорго, бэйэбитин күүстээх санаалаах дьонунан билинэ илик кэммит этэ… Бука, буолуохтаах буолуохтааҕын курдук санаатахпыт.  Дьиҥэр, айылҕаттан бэриллибит туох эрэ күүстээх омукпут. Биир оннук күүстээх санаалаах киһибит, ыраахтааҕыны көрсө иккитэ баран кэлбит Маһары туһунан испэктээк бэлэмнээтибит.

2000-с сыллар саҥаларыгар Арассыыйа култууратын миниистирэ Александр Соколов  дуоһунаһыгар ананаат да, Саха сиригэр кэлэ сылдьыбыта. Ол саҕана бүтүн Арассыыйа үрдүнэн ыһыллыы-тоҕуллуу ухханыгар култуура тэрилтэлэрэ, тыйаатырдара сабыллан барбыттара. Оттон биһиэхэ, төттөрүтүн, култуура саҥа тэрилтэлэрэ, тыйаатырдара үөскээбиттэрэ (Андрей Борисов миниистиир этэ). Арассыыйа миниистирэ : “Саха омук култууратын сайдыытын кистэлэҥин билиэхтээхпин,  ол уопуту Арассыыйаҕа тарҕатыахтаахпын, хайаан да барытын көрөн-истэн бардахпына сатанар эбит”, — диэн биир эрэ хонукка кэлбит киһи 2-3 күн сылдьан барбыта. Дьикти буолбатах дуо?

Билигин биһиги  үөрэрбит диэн, тыйаатырбытыгар  элбэх ыччат сылдьар буолла. Эһиги эмиэ биир да премьераны көтүппэт дьон олороҕут, аны оҕолорбут кэлэллэр. Ол аата биһиги тыйаатырбыт, култуурабыт сайдар аналлаах.  Онтон тыйаатыр сайдыыта — норуот сайдыыта, ол аата биһиги норуоппут кэнэҕэскилээх эбит (ытыс таһыныыта).

ххх

Тыйаатыр устуоруйатын  кэрчиктэрин  сатабыллаахтык арыйан, сэгэтэн ылбыт дириҥ сэһэргэһии кэнниттэн “Тыйаатыр дьоно” бырайыак үгэһинэн көрөөччүлэр Изабелла уонна Анатолий Николаевтарга ыйытыылары биэрдилэр.

Кылгастык билиһиннэрдэххэ, Анатолий Николаев кыра эрдэҕиттэн булка эриллибит буолан, булчут эбэтэр артыыс буолар баҕа санаалаах эбит.  “Өскөтүн артыыс буолбатаҕым буоллар, билигин булчут буоламмын, Дьокуускайы аһата-сиэтэ сылдьыам этэ”, — диэн баран, бүгүн  кэлбит дьону бу соторутааҕыта эрэ балыктаабыт үөлүллүбүт мундутунан күндүлээтэ.

Анатолий НИКОЛАЕВ:

“Саамай таптыыр оруолуҥ диэ? Артыыстар оруолларын барытын сөбүлүүллэрэ буолуо дии саныыбын. Сүрүннээн норуодунай тыйаатырдарга  “үчүгэйдик эбэтэр куһаҕаннык оонньоото” диэн этээччилэр.  Дьиҥэр,  оонньооһун буолбатах, “”оонньуур диэн биһиги идэбитин намтатыы курдук. Эн бүгүн балтараа-икки чаас иһигэр көрдөрүөхтээх уобараскын кыра эрдэҕинээҕи олоҕуттан саҕалаан, испэктээккэ көрдөрүллэр өйүнэн-санаатынан олоро сатыаххын наада. Артыыс идэтэ чэпчэкитэ суох, утуйар да уугун умнуоххун сөп,  уобараскын оннук эрэйдэнэн төрөтөн таһаараҕын. Алампа: “Тыйаатыр киһи утуйбут устуруунатын уһугуннарар” диэн этэн турар.  Ол аата сыанаҕа буола турар көстүү  эһиги утуйан хаалбыт устуруунаҕытын уһугуннардаҕына —  ол тыйаатыр кыайыыта, — диэн санаатын үллэһиннэ.

Онтон дьэ Изабелла Николаева испэктээктэртэн быһа тардыылары көрдөрөн, көрөөччүлэрин улаханнык сэргэхситтэ. Ордук “Кэргэн кэпсэтии» испэктээккэ  СӨ норуодунай артыыһа Иннокентий Дакаяровтыын быһа тардыыны көрдөрөн,  көрөөччүлэрин “быара суох” ыыттылар, иккиэн да кэмиэдийэҕэ оонньуур талааннаахтарын өссө төгүл итэҕэттилэр.

Изабелла Васильевна кыраныысса таһыгар аан бастаан тахсалларыгар тугу сөҕө-махтайа көрбүтүн, ордук испаниялар үҥкүүлэрин, сэбиэскэй кэмнээҕи артыыстартан Фаина Раевскаяны сөбүлүүрүн,  биллиилээх артыыстар Константин Райкины уонна Олег Табаковы кытары бииргэ үөрэммит кэмнэриттэн көрүдьүөстээх түгэннэри, Саха тыйаатырыгар бастакы оруолугар – “Сайсарыга”  хайдах “сордоммутун” уо.д.а. кэпсээтэ. Түмүккэ тапталлаах сыанатыгар детективкэ оонньуон баҕарарын, онон айар талааннаах дьон детектив жанрыттан  суруйалларыгар көрдөстө.

СӨ норуодунай артыыската Зоя Петровна Багынанова щепкинецтэр үһүс көлүөнэлэрэ тыйаатырга кэлбиттэригэр кини  кэргэнэ, режиссер Федот Потапов Анатолий Николаевка хара бастакыттан улахан оруоллары биэрэн барбытын туһунан аҕынна. Анатолий Николаев уонна Зоя Багынанова “Гамлекка” (Гамлет уонна Офелия), “Чуумпу Доҥҥа” (Григорий Мелехов уонна Аксинья) сүрүн уобарастары арыйбыттара.  Зоя Петровна Анатолий Павловиһы партнер быһыытынан олус ытыктыырын бэлиэтээн туран, 75 сааһын үбүлүөйүгэр Николай Якутскай  “Төлкө” арамаанынан испэктээккэ оруол биэрэн, сэттис сылын оонньуу сылдьарыгар, артыыстыыр тыынын уһаппытыгар ис сүрэҕиттэн махтанна уонна пион сибэкки дьөрбөтүн туттарда.

Былырыын сайын үөрэхтэрин бүтэрбит  6-устуудьуйа  оҕолоро бу күн сыанаҕа тахсан эҕэрдэлээбиттэрэ, быһа тардыыларга кыттыбыттара көлүөнэ ситимэ быстыбатын, тыйаатыр кэлэр кэскилигэр эрэллээҕин кэрэһилээтэ.

Онтон мин бу хатыламмат көрсүһүү “Саха” НКиХ көмүс пуондатыгар уһуллан, үйэлэргэ хараллан хааларыгар баҕара хааллым.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

25 минут ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

1 час ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

15 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

16 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

16 часов ago