Тыйы бытаан уокка үтүү — аан дойдуга бастакы холонуу
Үс Хатыҥҥа ыһыллыбыт Туймаада ыһыаҕар дьон интэриэһин тарпыт биир сонун тэрээһининэн үс саастаах тыйы бытаан уокка үтүү буолла.
Бырайыак ааптара, «Атласовтар уһаайбалара» эрэстэрээн шеф-пуобара, саха төрүт аһын пропагандиһа Николай Атласов бу идиэйэтин олоххо киллэрээри түөрт сылы быһа толкуйдаабыт, үөрэппит. Быйыл Туймаада ыһыаҕар үс саастаах тыйы 18 чаас устата кыра уокка үтэн, дьон дьүүлүгэр таһаарда.
Сиһилии эт хайдах үтүллүбүтүн көрдөрүөхпүт, кэпсиэхпит иннинэ туризм ааҕыныстыбатын салайааччыта Дмитрий Громовы кытта кэпсэппиппин билиһиннэриим.
Оттон бырайыак ааптара Николай Атласов бэйэтин санаатын маннык үллэһиннэ:
Тый хайдах үтүллэн, остуолга кырбанан амсатыллыбытын туһунан сиһилии — кэлэр матырыйаалга.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ уонна видеоҕа устуута.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: