Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Share

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин акадьыамыйатын Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Боотулуу нэһилиэгин ытык киһитэ Мэхээлэ Бүтүрүөбүс Өлөксүөйэп – Дапсы 88 сааһын туолар.

Александра Егорова хаартыскаҕа түһэриитэ
Александра Егорова хаартыскаҕа түһэриитэ
Александра Егорова хаартыскаҕа түһэриитэ

Үөһээ Бүлүү улууһугар 2021 сылтан, сэтинньи 6 күнүгэр төрөөбүт иҋэ тылбыт хараанньыта, сахалыы саҥабыт дорҕоонун эмчитэ, лиҥкибиис-учуонай, саха саарына Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп – Дапсы төрөөбүт күнэ — «БИҺИРЭМ ТЫЛ» күнүнэн бэлиэтэнэр. Хас сылын аайы улууска сэтинньи 6 күнэ сахалыы ыраастык саҥарыы, кэпсэтии күнэ. Бу күн сарсыардаттан улуус бас дьонуттан, тэрилтэ салайааччыларыттан саҕалаан оскуола оҕотугар тиийэ Дапсылыы дьыктааны суруйууттан саҕаланар. Дьыктаан суруйуу сыала-соруга — М.П.Алексеев-Дапсы үөрэҕин киэҥник тарҕатыы, саха тылын билиини чиҥэтии, сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарыы, төрөөбүт тылынан таба суруйар таһымы үрдэтии. 2023 сылга ыытыллыбыт дьыктааҥҥа элбэх киһи Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү, Боотулуу, Кырыкый, Сургуулук, Туобуйа нэһилиэктэригэр кыттыбыттара. Дьыктаан тиэкистэрин саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталлара суруйуу быраабылатын уонна кэриҥнэрин тутуһан ааҕаллар, сыаналыыллар.             «Туйгун суруксут», «Үчүгэй суруксут» диэн Добун суруктарынан уонна «Туоһу суруктарынан» бэлиэтэнэллэр. Бу күн олохтоохтор бэйэ-бэйэни кытта алтыһыыга, кэпсэтиигэ сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри ыраастык сахалыы саҥарар үөрүйэҕи тутуһарга холоноллор. Нэһилиэк бибилэтиэкэлэрин иһинэн оҥоһуллубут тылы сөпкө туттуу тургутуктара тарҕанан дьон сэҥээриитин ылла, сөпкө саҥарар баҕалааҕын биллэрдэ.

Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп Дапсы саха тылын сайдыытыгар үлэлээбит үлэлэрин, олоҕун устата мунньубут дьиэтээҕи библиотекатын, баай духуобунай нэһилиэстибэтин лөглөччү барытын кэлэр көлүөнэ ыччат туһанарыгар анаан төрөөбүт улууһун О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа биэрбитэ, кыраайы үөрэтэр салааҕа турар. Эһигини саха тылын сайыннарыыга үлэлиэн, үөрэтиэн баҕалаах дьоннору, учууталлары, төрөппүттэри, ыччаттары, ааҕааччыларбытын бу пуонданы кэлэн көрүҥ, туһаныҥ, ааҕыҥ диэн ыҥырабыт.

Бу бэлиэ түгэнинэн Мэхээлэ Бүтүрүөбүс төрөөбүт тылбыт үйэлээх үгэһэ сүппэтин – симэлийбэтин туһугар үгүс өрүттээх үлэни ыытан, бэчээккэ бэлэмнээн таһаарбыт кинигэлэрин билиһиннэрэбит.

Сүр тостубатын 1992 сыллаахха тахсыбыт кинигэҕэ Мэхээлэ Бөтүрүөбүс  1971 сыллаахха ахсынньы 8 күнүгэр суруйааччылар партийнай тэрилтэлэрин мунньаҕар саха литэрэтиирэтин классиктарын айымньыларын тылын ырытыыта уонна саха уус уран айымньытын инники сайдыытын туһунан   оҥорбут дакылаатын бу кинигэҕэ киллэрэн бэчээттэппит.

Уус — кыһатынан, суруйааччы – тылынан  кинигэ саха салаатын устудьуоннарыгар стилистиканы, тыл култууратын уонна уус-уран айымньы тылын үөрэтэллэригэр ананар. Манна П.А. Ойуунускай “Дьэбэрэттэн тахсыы” уонна Н.Е. Мординов – Амма Аччыгыйа “Алдьархай” сэһэннэрин тыла ырытыллар.

“Учууталлар учууталлара”, “Саха сирин методиһа” Мэхээлэ Бөтүрүөбүс  – Дапсы “Учуутал барахсаҥҥа”  кинигэтигэр сахалыы сөпкө саҥарарга уонна сахалыы таба суруйууга учууталларга анаан суруйуулара киирбиттэр. Кини киирии тылыгар учууталларга анаан суруйбут “Хайа да кэмҥэ сатаан булан, билиитин хаҥатынар, үөрэнээччитигэр киэҥ өйү-санааны, дириҥ билиини биэрэр, төрөппүтү кытта сатаан үлэлиир учууталга сүгүрүйэбин! Тулалыыр дьонуҥ тылга сыыһа сыһыанын көннөрүү – Эн биир улахан үлэҥ. Тыл мөккүөрдээх боппуруостарын, тылга сабыдыаллыыр өрүттэри, санаа эргимтэтэ оҥостон, илдьиритэн билэ сырыт. Саҥарар саҥаны, саҥа дорҕоонун болҕой, саха тылын айылгытын, уратытын биллэр”. Кинигэ Ийэ дорҕоон, Таба саҥарыы, Таба суруйуу, Тылыгар норуот бэйэтэ кыһаллыахтаах, Ботуруойуоттуу тыыҥҥа иитии, Оҕо тылын култууратын үрдэтии диэн  түһүмэхтэргэ араарыллар.

Саха тылын үйэлээх үгэһэ: уруккута, билиҥҥитэ уонна кэнэҕэски кэскилэ: М.П. Алексеев – Дапсы 70 сааһыгар аналлаах научнай кэмпириэнсийэ матырыйаала. Саха тылын олох, үөрэх, үлэ бары эйгэтигэр туһаныллар ис кыаҕын сайыннарарга туһаайыллыбыт 38 дакылаат киирбит.

Иньэ тыл үйэлээҕ үгэһэ уонна онтон туорааһын. сахалыы һаҥа култуурата

“Ийэ тылым ырааһын, бигэ туруктааҕын эрэ тухары омугум, дойдум баар, мин баарбын! Баарым тухары омукпун, дойдубун  күүһүрдэр туһугар үлэлээн дьүккүһэрим дьолум буолар. Омугум тыына сылааһа – мин тыыннаах буолар, дьоллоох буолар, инникигэ бөҕөхтүк сананар мэктиэм. Ийэ тылым атын омук бала сабыдыалын уйбакка күүһэ – кыаҕа өһүллэн, үлтү сатайданан, сүтүөн баҕарбаппын. Ол туоһум – төрөөбүт тылбынан ыраастык, тупсаҕайдык саҥарарга үйэм тухары кыһаллыым, атыттарга көмөлөһүүм. Бу сиэри олохпор булгуччу тутуһуум. Ити буолар саха киһитин айыылыы санаата. Тыл чөлүн тутуһааччы – сахалыы саҥабыт! С.Ө Ноҕуруодап “Хайдах саҥарарыҥ курдук суруй” диэн саха суругун – бичигин төрүттээбитэ. Кини үөрэҕэ аныгы кэмҥэ туһата – саҥабытын сахатытар суолу ыйар. Бу үөрэҕинэн саҥабыт сахатыйдаҕына, тылбыт чөлүн тутуохпут. Өлбөт үйэлэнии суола – ол! Бу кинигэм ол суолга киирэргэр көмөлөһөр аналлаах.”(Дапсы)

“Бу үлэ С.А. Новгородов төрүттээбит суругун сүрүн  түөһүүтүн салгыы сайыннарар аналлаах. Билиҥҥи кэм уопсастыба, билимэ маннык өйү – санааны өйүөхтээх, сайыннарыахтаах.” (Тыл билимин дуоктара И.А. Алексеев.)

Мэхээлэ Бөтүрүөбүс ”Биһирэм тыл” диэн ааттаах авторскай биэриитэ Саха араадьыйатыгар аан бастаан 1992 с. алтынньы 18 күнүгэр тахсыбыта. Өрөбүл күн 12 чаас 10 мүнүүтэ буолла даҕаны Сергей Зверев “Сарсын, сарсын сарсыарда” диэн тойугунан доҕуһуолланан “Биһирэм тыл” тахсара. Дапсы 2004 сыллаахха 500-тэн тахса биэриигэ эппит этиитин муспут матырыйаалын сыымайдаан, таҥан түмэн кинигэҕэ киллэрбит.

Мэхээлэ Бөтүрүөбүс хоһоон көрүҥүнэн суруйан ылар, күннэрдээх эбит. Дьон олоҕун бэлиэ күннэригэр ис сүрэҕиттэн иэйэн таһаарар алгыһа киһи аайы туспалаах, майгыларыгар сөп түбэһэр, тылларын-өстөрүн уратытын биэрэр. Дапсы “Олох амтана” кинигэтигэр киирбит хоһоонноругар дойдутун-дьонун таптыыра ордук күүскэ биллэр, кутугар-сүрүгэр ордук дьиэтийэн уйаламмыт. Кинигэ Чараас кут. Анабыл хоһооннор. Санаа эргимтэтэ. Төгүрүк сааспар диэн түөрт түһүмэххэ арахсыбыт. Мэхээлэ Бөтүрүөбүс кинигэтигэр “Анабыл хоһооннор” диэн түһүмэххэ аймахтарыгар, доҕотторугар, дойдутун дьонугар, бииргэ үлэлээбит тыл үөрэхтээхтэригэр, суруйааччыларга  анаабыт бэрт истиҥ хоһооннору суруйбута киирбит.

Дапсы бу айымньыларыгар дойдутун, норуотун, төрөөбүт тылын туохтан да ордук таптыыр патриот киһи күүстээх, сырдык иэйиитэ көстөр. “Бу ытык өбүгэ олоҕор …” кинигэ икки кэрчиккэ араарыллан суруллубут. Маҥнайгы кэрчигэ. Сахалар саас үйэ кэлбиппит. Маҥнайгы төгүлүгэр Саҥа сыһыан төрдүҥ ууһуҥ. Иккис төгүлүгэр Төрөөбүт буор сыта.

Иккис кэрчигэ. Эрэл, дьулуур бохсуллубат. Маҥнайгы төгүлэ. Төрүт тыл. Иккис төгүлэ. Тыл үөрэхтээхтэригэр кэриэстэбил. Үһүс төгүлэ. Тылбаас. Төрдүс төгүлэ. Хоһуйбуту сиилээһин.

Кинигэҕэ Мэхээлэ Бөтүрүөбүс төрөөбүт нэһилиэгин Боотулуутун дьонун-сэргэтин, оччотооҕу дьон олоҕун-дьаһаҕын көрдөрөр элбэх хоһоонноро, поэмалара киирбитэ интириэһи тардар.

1992 сылтан алтынньы 18 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ араадьыйатыгар тахсыбыт саха тылын култууратын туһунан “Биһирэм тыл” биэрии дьоҥҥо сөбүлэппит биэрии. Хабырыыса Бүөтүрүн Мэхээлэтэ 25 сыл устата биир да өрөбүлү көтүппэккэ Саха араадьыйатыгар барыта 1240 биэриини бэлэмнээн таһаарбыта. саха тылын дьиҥнээх таптааччыларга, харыстааччыларга анаан араадьыйаҕа саҥарбытын сурукка түспүтүн, киэҥ ааҕааччыга Биһирэм тыл кинигэннэн таһаарбыта.

Кэпсэтии тылын байытааччы, киэргэтээччи, өйдөнүмтүө, сэргэх оҥорооччу – киһи кулгааҕын имэрийэн киирэр күөмэйиҥ, саҥаҥ хас биирдии дорҕооно, дорҕоон муусуката, этии тыла иһиллимтиэтэ, лоп бааччыта, өйдөбүллээх охсууну (логическое ударение) сатабыллаахтык туһаныы, күөмэй кылын оонньотуу (интонация), иэйиилээһин, өйдүүргэ чэпчэтэн, киһи истибитин өйүгэр бэрийэ түһэригэр тыын биэрии, тоҕооһуттан көрөн, сөп-сөп тус-туспа суолталаах тохтобул (пауза) оҥоруу, киһини тардар ис хоһоон. Бу кинигэ уратылаах кинигэ буоларынан, өссө төгүл тоһоҕолоон бэлиэтиибин: саҥарыы этиитэ сурук тылын этиититтэн атыннаах. Санааҕын сороҕор курдаттыы этэҕин, быһыта саҥаран өйдөһөҕүн. Саҥарыы тылын сурук тылыгар одоҥ-додоҥ курдук көстүөх түбэлтэтэ сурук тылыгар сөп түбэһиннэрэн сааһыланар. Тыл оннун эмиэ сааһылыахха сөп. Онон, түмүгэр, бу кинигэ тыла истиэнэгирээпийэ – саҥарбыты хайдах баарынан түһэрэн ылыы да, бүтүннүү сурук тыла да буолбатах.“      (Дапсы Мэхээлэ).

Саха тылын үйэлээх үгэһин тылдьыта кинигэ киэҥ өрүттээх, саха тылын баайын, ис кыаҕын туһанан, тыл култууратын үрдэтэргэ сабыдыаллыыр тускуллаах үлэ. Тылдьыт оскуола оҕолоругар, устудьуоннарга, суруйааччыларга, суруналыыстарга – сахалыы саҥарар, саха тылын туттуу сиэрин билинэр, ытыктыыр дьоҥҥо барытыгар ананар.

“Аатыттан да көстөрүн курдук, бу – тыл култууратын тылдьыта, уратылаах тылдьыт. Онон бары инники сахалыы-нууччалыы, нууччалыы-сахалыы, сахалыы тылдьыттартан атына – тылы туттуу тылдьыта”. Элбэх тыл тимирбит дириҥ далайыгар биһиги улуу тылбыт өтөр-наар тимирбэтин, өрүтүннүн диэн баҕаран уонна Өксөкүлээх Өлөксөй “Өлөн биэрбэт үөстээх этибит” соргу тардыһыннарар көмүс далаһатыгар үктэнэн, күн өркөн быатыттан тутуһан туран, дьирээлэһэн бу Тылдьыты оҥордум.” (Дапсы)

Ийэ тылбыт өрүттэрин туһугар Ыстатыйалар. Санаалар. Бэлиэтээһиннэр.

 Оҕону дьиэҕэ иитии. Оҕону дьиэҕэ, оскуолаҕа иитии. Саха тылын дорҕоонун кичэйэн, дириҥэтэн үөрэтии. Саха тыынныыр аан бастыҥ ытык тылларынан иитии. Үлэһит үөрэммитин төлүүр — диэн тус-туспа түһүмэхтэргэ арахсан 382 страницалаах улахан, халыҥ кинигэ.

“Оскуола, үрдүк үөрэх анал билиини саха олоҕор сыһыаран үөрэппэт. Экстралингвистиканы тумнан, киһилии киһини, сахабын дэнэр саханы ииппэккин, сахаларыгар ээл-дээл, сыппах дьон тахсаллар. Ол иһин бырагыраама таһынан биллэрэ сатыыбын. Үөрэхтээх саха барыта хорсун кырастаньыыны, көҥүл санаалаах ботуруйуоту, норуотун иннин-саныыр киэннээх туруу үлэһит буолар, дьону иитиһэр ытык иэстээх диэн өйдүүбүн. (Дапсы). Ийэ тылбыт өрүттэрин туһугар кинигэ хас биирдии учуутал, төрөппүт остуолугар сытар, мунаарар боппуруоһугар сөптөөх хоруйу, сүбэни табатык биэрэр кинигэ буолар.

Төрөөбүт тылбытын өрүтүннэрэр сыаллаах, сахалыы саҥарар, сахалыы толкуйдуур ыччаттары иитэн таһаарар сөптөөх үлэни-хамнаһы өрө тутуохха диэн барыгытын ыҥырабыт!

Бэчээккэ бэлэмнээтэ Евдокия Буртахова.

Улуустааҕы киин модельнай библиотека

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

1 час ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

2 часа ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

4 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Барыта Кыайыы туһугар!” Норуодунай фронт наҕараадаларын туттарыы буолла

Дьокуускайга иккис Өрөспүүбүлүкэтээҕи антифашистскай пуорум буолаары турдаҕына, “Норуодунай фронт. Барыта Кыайыы туһугар” бочуоттаах бэлиэнэн өрөспүүбүлүкэ…

4 часа ago