Тыл туһугар туруулаһар оҕолор холбоһуктара баар буолбут (ВИДЕО)
Бүгүн үөрэх үлэһиттэрин Атырдьах ыйынааҕы мунньаҕын иитинэн, төрөөбүт тыллары сайыннарыыга туһаайыллыбыт “төгүрүк остуолга” оскуола оҕолоро тыл этиилэрин Бырабыыталыстыба 2-с нүөмэрдээх дьиэтигэр мустубут улахан дьон биһирии иһиттилэр. Оҕолор туох толкуйдаах эбиттэрий?
“Күн” оҕолор хамсааһыннарын көхтөөх кыттааччылара, оскуола үөрэнээччилэрэ Юрий Павлов (Мэҥэ Хаҥалас улууһун Кеша Алексеев аатынан Хаптаҕай орто оскуолата), Арчылаан Никифоров (Покровскайдааҕы 1-кы нүөмэрдээх оскуола), Александр Докторов (“Айыы Кыһата” гимназия) саха тылын туһугар туруулаһар эдэр дьон.
— Быйыл сайын үс улуустан оҕолору талан куоракка лааҕырга түмтүбүт. Тылбыт сүтэн эрэр кыһалҕатын булан, ону быһаарарга туруннубут. Тыл кыра көлүөнэҕэ сүттэ диэн этиини истибиппит. Улуус, дэриэбинэ аайы аҕыстарыттан кыра саастаахтар сахалыы кэпсэтэн бүтэн эрэллэр. Кылааска отут оҕо үөрэнэр буоллаҕына, биэс эрэ оҕо сахалыы саҥарыан сөп. Лааҕырга ити кыһалҕаны быһаарарга бэйэбит ньымаларбытын толкуйдаатыбыт. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оҕолор мустан оҕолору үөрэтиэхтээхтэр, оҕолор оҕолору кытта алтыстахтарына эрэ күүстээх түмсүү буолар эбит диэн санааҕа кэллибит. Оскуола, кылаас аайы араас тэрээһиннэри ыытыахпытын баҕарабыт. Холобур, күрэх, олимпиада. Балаҕан ыйыгар тэрийэр сийиэспитин ыытыахпытын баҕарабыт. Онно үөрэнээччилэри, оҕолору кытыннарарбытыгар көмөлөһөргүтүгэр көрдөһөбүт, — диэн этэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: