Тыл үөрэҕин баһылаары
Ирина саха уонна английскай тыллар учууталлара буолар баҕалаах.
Бүлүү улууһун Хампа нэһилиэгиттэн сылдьар Ирина Тимофеева быйыл 11 кылааһы бүтэрбит. ХИФУ-га педагогическай институкка уонна омук тылын институтугар (ИЗФИР) докумуоннарын биэрбит.
“Омук тылын сөбүлүүбүн, 9-с кылааска английскай тылга ОГЭ-ны уонна 11-с кылааһы бүтэрэрбэр БКЭ-ни туттарбытым. БКЭ-ни туттаран баран, чэпчэки соҕус эбит дии санаабытым. Дьиҥэр, ИЗФИР-гэ киириэхпин наһаа баҕарбытым да, баалым кыра соҕус эбит. Онон обществоведениены туттарбыт буолан, педагогическай институкка саха уонна английскай тыллары үөрэтэр учуутал идэтигэр барарга быһаарынным. Манна төлөбүрэ суох миэстэҕэ киирэр “шанстаахпын”. ИЗФИР-гэ саха-китай тылыгар киирдэхпинэ, учуутал уонна тылбаасчыт буолуохпун сөп.
Хампа оскуолатын 18 буолан бүтэрдибит. Бары манна туттарса кэллибит, ситиһиилээхтик туттарсан үөрэххэ киириэхтэрин баҕарабын”, — диэн бииргэ үөрэммит оҕолоругар баҕа санаатын тиэртэ.
Наташа тыл өттүн кэрэхсиир
Наташа Новгородова, Горнай улууһун Савва Тарасов аатынан Солоҕон орто оскуолатын бүтэрбит.
“Оскуоланы бэһиэ буолан бүтэрдибит, эксээмэннэрбитин бары үчүгэйдик туттардыбыт. Биир уолбут Владивостокка туттарыста, атыттар Дьокуускайга баарбыт. Мин филологическай факультекка учуутал, суруналыыс уонна ХИНТуоКИ “Литературнай айар үлэ” уонна муусука учууталын идэлэригэр докумуоннарбын биэрдим. Наһаа улаханнык саҥарбаппын, атырдьах ыйын 25 күнүн кэнниттэн биллиэ”, — диэн баран Наташа мичээрдээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: