Салгыы
Литэрэтиирэ үнүстүүтүгэр тылбаасчыт идэтигэр үөрэххэ ыҥыраллар

Литэрэтиирэ үнүстүүтүгэр тылбаасчыт идэтигэр үөрэххэ ыҥыраллар

18.06.2024, 15:45
Хаартыска: А.Шапошникова тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:
 Бу күннэргэ Москубатааҕы  А.М. Горькай аатынан Литэрэтиирэ үнүстүүтүгэр  тылбааска уһуйуллар ыччаттар дьупулуомунай үлэлэрин “туйгун” сыанаҕа көмүскээннэр, үөрэхтэрин бүтэрдилэр. Кинилэр куратордара, уус-уран литэрэтиирэ биллиилээх тылбаасчыта Аита Шапошникова үөрэххэ ылыы туһунан кэпсээтэ.
Хаартыска: А.Шапошникова тиксэриитэ.

Икки тылынан таба суруйар, дэгиттэр тылбаастыыр исписэлиистэр араас эйгэҕэ барытыгар наадалар. Холобура, кинигэни, киинэни таһаарыы, суруналыыстыка, гуманитарнай билим эйгэтигэр, култуура тэрилтэлэригэр биитэр судаарыстыба сулууспатыгар. Аныгы кэмҥэ тылбаасчыт хантараагынан урбаанньыт курдук эмиэ үлэлиэн сөп. Оҕолор бары чопчу соруктаах дуогабардаах үөрэммиттэрэ, онон үлэҕэ киириилэрин чааһыгар долгуйбаппын. Биллэн турар, үөрэх диэн үөрэх, үлэ аата үлэ. Хас биирдии эдэр исписэлиис хас да сыл үлэҕэ миккиллэн уопутуруон, киһи, үлэһит быһыытынан ситиэн-хотуон наада, — диэн Аита Ефимовна кэпсээтэ.

Быйыл сахалыыттан нууччалыы тылбаас бөлөҕүн Литэрэтиирэ үнүстүүтүгэр иккистээн ыларга сүүмэрдииллэр. СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ А.И. Ноев, «Саха сирин суруйааччылара» Ассоциация салайааччыта О.Г. Сидоров кэлэн кэпсэтии ыытаннар, иккис бөлөх үөрэнэ киирэригэр олук уурдулар. Тылбаас салаатыгар быйыл биэс-алта киһи үөрэххэ киириэн сөп. Үөрэх болдьоҕо – 5 сыллаах исписэлитиэт. Дьону саастарынан хааччахтаабаттар. Уопсай дьиэ баар.

Тылбаастан ураты проза, поэзия, драматургия, оҕо литэрэтиирэтэ, публицистика, кириитикэ салаалара бааллар, саха дьоно онно киириэхтэрин син. Ону таһынан икки сыллаах Үрдүкү литэрэтиирэ кууруһа (ВЛК) диэн баар. ВЛК удамыр төлөбүрдээх. Биллэн турар, итинник айар салааҕа киирээччилэр хамыыһыйаҕа докумуоннарын кытта айымньыларын подстрочнигын ыытыахтаахтар. Бэйиэттэр 200-300 устуруока хоһоону (подстрочнигын холбуу тутан) ыыталлар. Оттон прозаны, дырааманы, кириитикэни, пубулуустуканы суруйар дьон А4 кээмэйинэн 20 ыстыраныысса айбыт үлэлэрин (эмиэ подстрочник тылбаастаах) ыыталлар.

Оскуоланы бүтэрбит ыччаттар биир кэлим судаарыстыбаннай эксээмэн түмүгүнэн нуучча литэрэтиирэтигэр — 60, нуучча тылыгар – 65 баалтан итэҕэһэ суох сыананы ылбыт буолуохтаахтар. Оттон иккис үрдүк үөрэххэ киирээччилэргэ итинник бааллары дьупулуомҥа кыбытыллар кумааҕыга ааттаммыт дьиссипилиинэлэргэ ылбыт ассыаҥкалара солбуйаллар. Абитуриеннар (докумуоннарын сканердаммыт куопуйатын уонна А4 кээмэйинэн 20 лиис сахалыыттан нууччалыы тылбаастарын үнүстүүт priem2024@litinstitut.ru диэн электроннай аадырыһыгар ыытан регистрацияны ааспыт дьон) куйаар ситиминэн ис эксээмэннэри (внутренние экзамены) туттараллар. Олор манныктар: нууччалыы тылынан аахпыттан суруйуу, нуучча литэрэтиирэтигэр тургутук тиэс, нууччалыы кылгас этюд (өйтөн суруйуу), коллоквиум (хамыыһыйа чилиэннэрин кытта кэпсэтии).

Эксээмэн от ыйын 8 күнүттэн саҕаланар, онон докумуону уонна айар үлэни от ыйын 7 күнүгэр диэри ыытыахха наада.

Үрдүк үөрэх кыһата litinstitut.ru диэн саайтаах. Онно Новости приемной комиссии-2024 диэн анал балаһа баар. Ол иһигэр Памятка абитуриенту 2024 диэн салааны арыйыҥ. Үөрэххэ киирии туһунан иһитиннэрии онно сиһилии ыйыллыбыт. Абитуриеннар онно киирэн анкета-сайабылыанньа диэни толороллор итиэннэ докумуоннарын, айымньыларын угаллар.

Бэс ыйын 23 күнүгэр Москуба бириэмэтинэн 12 чааска биһиги үөрэхпит кыһата куйаар ситимигэр Аһаҕас аан күнүн ыытар. Ол туһунан биллэрии саайка уонна ВКонтакте ситимҥэ (m.vk.kom>litinstitutru) баар.

Бу күннэргэ Саха сиригэр үнүстүүппүт ректора Алексей Варламов уонна дассыан Виктор Куллэ ыалдьыттыы сылдьаллар. Бэс ыйын 18 күнүгэр СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр Алексей Николаевич саҥа романын сүрэхтээһин буолар. Салгыы Амма солобуодатыгар буолар Олоҥхо Ыһыаҕар тиийиэхтэрэ. Баҕалаахтар кинилэри онно түбэһэ көрсөн, үөрэххэ туттарсыы туһунан чопчулуур ыйытыылары биэриэхтэрин сөп.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 октября
  • -5°C
  • Ощущается: -8°Влажность: 80% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: