Салгыы
Тылбыт – омук тыыннаах буоларыгар тирэхпит!

Тылбыт – омук тыыннаах буоларыгар тирэхпит!

Ааптар:
16.08.2024, 10:00
Хаартыска Борисовтар дьиэ кэргэннэрин тус архыыбыттан.
Бөлөххө киир:

Саха омук саарына Егор Борисовы, бастатан туран, тыа сириттэн дириҥ силистээх-төрүттээх, тыа сиригэр иитиллэн, үлэлээн-хамсаан, буһан-хатан, дьиҥнээх норуоттан тахсыбыт салайааччынан ааҕабыт.

Иккиһинэн, кини технарь. Үсүһүнэн – экэнэмиис, учуо­най. Дьэ, бу барыта дьикти табыгастаахтык дьүөрэлэһэн, Егор Афанасьевич бэрэсидьиэн­нээбит сылларыгар эрэ буолбакка, уопсайа 30-тан тахса сыл өрөспүүбүлүкэни, дойдуну салайар эппиэтинэстээх үлэтигэр норуотун духуобунаһын, култууратын, тылын арчылыыр­га, сайыннарыыга үгүһү-­элбэҕи оҥорон кэллэ. Бүгүн биһиги кини төрөөбүт тылбыт туһунан санааларын үллэстэрин истиэҕиҥ.

Хаартыска Борисовтар дьиэ кэргэннэрин тус архыыбыттан.

Уу сахалыы

Егор Афанасьевичтыын, бу саас кини кэбиниэтигэр, киэһэ үлэ чааһа  бүтүүтэ, дьэ бириэ­мэ булан, кэпсэтэн орто­лоон олордохпутуна, төлөпүөн тырылыы түһэр – сэттэ саас­таах сиэнэ Вероника Попова эрийэр. Ып-ыраастык сахалыы саҥарар: “Эһээ, дорообо! Эн дьиэҕэр кэллиҥ дуу?” – “Суох, тоойуом, үлэлии олоробун. Эн бүгүн тугу гынныҥ?” – диир эһээтэ. Онуоха сиэнэ уу-сахалыы, нап-наҕыллык, мип-минньигэс куолаһынан, бүгүн тугу ситиспитин барытын кэпсээн биэрэр…

– Оскуолаҕа кии­риэн иннинэ арай төрөппүттэ­рэ Верониканы сахалыы уһу­йааҥ­­ҥа биэрдилэр. Кыыспыт кыратык сылдьа түһэн баран: “Манна сахалыы саҥарбаттар эбит!” – диэн, аккаас­таан кэбиспит сураҕа иһилиннэ. Билигин Саха гимназиятыгар маҥнайгы кылааска үөрэнэр, – диир астыммыттыы Егор Афанасьевич.

Ити курдук, эһээлэрэ сиэннэрин ааҕа бэйэлэрин уонна хос сиэннэрин бука барыларын күн аайы отчуоттатар, кэпсэтэр эбит. “Олус да болҕомтолоох, кыһамньылаах эһээ эбиккин!” диэтэххэ, “Дьыала болҕомтотугар буолбатах. Мин кинилэрэ суох олорбоппун. Киэһэ сиэннэрбин барыларын кытта кэпсэттэхпинэ биирдэ утуйабын…” – диир сенатор.

Чахчыта, хайа баҕарар оҕо сахалыы ыраастык, көҥүллүк саҥарар, толкуйдуур буоларын туһугар, кинини дьиҥнээх сахалыы эйгэ тулалыахтаах. Күһэйэн буолбатах – оҕолорбутун кытта көннөрү, күннээҕи олохпутугар сахабыт тылынан алтыһыахтаахпыт. Уһуйаан буруйдаах, оскуола буруй­даах, диэбэппит. Борисовтар бу чааһыгар табыллыбыт дьоннор – эбээ-эһээ, ийэ-аҕа, оҕолор, сиэннэр – дьиэҕэ бука бары уу сахалыы кэпсэтэллэр.

Хаартыска Борисовтар дьиэ кэргэннэрин тус архыыбыттан.

Тыл туһунан

Егор Борисов, Российскай Феде­­рация сенатора, Феде­рация Сэбиэтин Аграр­най уонна ас-үөл бэлии­тикэтигэр уонна айылҕаны туһаныыга кэмитиэтин бэрэссэдээ­тэлин солбуйааччы, экэнэмиичэс­кэй наука дуоктара:

– Аан дойдуга элбэх омук баар. Хомойуох иһин, хас сыл аайы 35-40-нуу омук сүтэр, симэлийэр. Ассимиляция барар, суураллан хаалар. Ол иһин биһиги, аҕыйах ахсааннаах омуктар, бу Сир планета үрдүттэн сүтэн хаалбаппыт туһугар бастакы усулуобуйабыт – тылбытын салгыы харыстыахтаахпыт. Нация араас буолар – улахан, кыра – аҕыйах ахсааннаах… Биһиги аҕыйах ахсааннаах омукпут. Ол эрээри, биһиги омук быһыытынан сүппэт дьылҕалаах буолуохпутун сөп. Ол тугуй? Бастакытынан, олорон кэлбит тыйыс усулуобуйабыт, географическай балаһыанньабыт. Саха сирэ ойуччу олорор сирдээх-уоттаах. Манна ыллыҥ да дэбигис туораттан кэлэ охсон, барытыгар бук­куспутунан киирэн барбаккын. Каартаны үчүгэйдик сири­йэн көрдөххө, урут Саха сиригэр киин уобаластартан, холобур, массыынанан киирэр икки эрэ суол баара, ону да кыһыҥҥы – Амурскай уонна Иркутскай уобаластартан. Иккиһинэн, биһиги сахалар, дьиҥэр, былыр суруга суох норуот этибит. Ол эрээри, дьэ, саҥарар саҥабытын, тыынар тыыныыбытын, этэр этиибит эгэлгэтин уус­таан-ураннаан тиэрдэр умсулҕаннаах күүстээх буоламмыт, улуу олоҥхобут, кылыһахтаах ырыабыт-тойукпут, оһуохайбыт, номохторбут көмөлөрүнэн, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэн, биһиги, сахалар, тылбыт сүппэккэ, тыыннаах хаалбыт! Суруга да суох омук буолларбыт, айылҕаттан айдарыылаах буоламмыт, тылбытын бүгүҥҥү күннэргэ диэри илдьэ кэлбиппит! Салгыы тылбыт тыыннаах, баар буолуута уонна сайдыыта аныгы дьонтон, ыччаттарбытыттан тутулуктаах. Аан дойдуга үгүс омук, суруктаах эрээри, сүтэн турар. Оттон биһиги суруга суох эрдэхпититтэн тылбыт баайын араҥаччылаабыппыт.

Тыл – омук тыыннаах буоларыгар биир сүрүн тирэх! Ол гынан баран, биһиги бүгүн омук быһыытынан хайдах тыыннаах хаалабыт диэн долгуйуубут тылбытын эрэ кытта ситимнээх диирбит кэрэгэй. Биһиги тылбытын сэргэ, култуурабытын, үгэстэрбитин илдьэ сылдьарбыт эмиэ улахан суолталаах.  Ыһыахпыт, олоҥхобут, оһуохайбыт, хомуспут – бу барыта биһиги култуурабыт. Хайдах курдук сахалыы таҥас сайынна, саха аһын эгэлгэтэ, минньигэһэ дэлэйдэ?! Таҥас култуурата, таҥныы култуурата, сахалыы ас култуурата баар буолла… Аны, сахалыы илии­атах оонньууларбытын ылан көрүөҕүҥ. Успуорт национальнай көрүҥнэрин салгыы са­­йыннарыахтаахпыт. Бу барыта биһиги омук быһыытынан уратыбыт буолар.

90-с сыллартан саҕалаан, омук быһыытынан уһуктан, норуот бэйэтэ ис-иһиттэн баҕаран туран, үгэстэрбитин сөргүтэн, тылбытын, култуурабытын харааннаатыбыт, сайыннардыбыт, өлбөт үөстээтибит. Онон, омук эстэр төрүөтэ бакаа суох.

Урут, сэбиэскэй кэмҥэ, сайдыылаах киһи диэн нууччалыы билэр киһини этэллэрэ… Ол өйдөбүл билигин суох. Биллэн турар, 90-с сылларга мөккүөрдэр бааллара. Нууччалыыттан киирбит тылбыт элбэх. Оттон нуучча тылыгар омуктан киирбит тыл эмиэ элбэх. Биһиэхэ билигин, урукку олоххо суох, киирии тыллары сахатытыы ньымата баар буол­ла. Тылбытын үөрэтиигэ үлэ барар дии саныыбын. Холобур, татаар омукка, тылларын үөрэтии кыһалҕата турар – кинилэр үгүстэрэ тылларын билбэттэр. Дьэ, ол эрээри, тыл боппу­руостарыгар биһиги уоскуйарбыт букатын сатаммат. Ол эбэтэр, холобур, бүгүҥҥү күннээх туругунан, сайдыы интэриниэт нөҥүө, сүрүннээн нууччалыы тыллаах эйгэ нөҥүө барарынан, ыччаппыт нууччалыы тыл­­лаах буолуута – бириэ­мэ ирдэбилин кэриэтэ буоллаҕа.  Сайдыы барарын туһугар. Арай, кыраай­тан-кыраайга түһэр сатаммат.

Биһиги оҕолорбут хайдах курдук фольклор араас көрүҥнэригэр талааннара арылларый?! Бу барыта – энтузиаст дьоннордоох, уһуйааччылардаах буоламмыт ситиһиллэр! Сахабыт тыла сүтүө суоҕун өссө биир бэлиэ төрүөтүнэн, билим эйгэтигэр, үөрэх эйгэтигэр уонна тыа сиригэр саха тылыгар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыы баара буолар. Ити үсүһүнэн, диир сөп. Саха суруйааччылара, суруналыыстара, сахалыы кинигэни таһаарааччыларбыт, худуо­һунньуктарбыт, артыыстарбыт, саха киинэтин, сахалыы ойуулуктары оҥорооччуларбыт, мусуойдарбыт үлэһиттэрэ, норуот маастардара – сахабыт тыла баар буоларын туһугар элбэҕи оҥоро сылдьар дьоннорбут. Кинилэргэ махтаныах кэриҥнээхпит.

Ол гынан баран, хайа баҕарар аҕыйах ахсааннаах омук тылыгар, култууратыгар аан дойду глобальнай бырассыастара син биир дьайаллар. Ол иһин, биһиги, сахалар, билигин өссө күүскэ, тылбытын, үгэс­тэрбитин уонна култуурабытын харахпыт харатын курдук харыстыахтаахпыт. Бу барыта биһиги саамай көмүскэлбит, омук быһыытынан тыыннаах хааларбытын уонна өссө сайдан иһиибитин кэрэһилиир сүдү күүспүт буолар!

Норуот култууратын, төрүт үгэстэрин харыстыыр, сайыннарар сыаллаах, кэскиллээх Ыйааҕы (N769) Ил Дархан Егор Борисов 2011 сыл бэс ыйын 27 күнүгэр таһаарбыта, ол курдук, сэтинньи 30 күнэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Хомус Күнүнэн, оттон 2012 сыл олунньу 21 күнүнээҕи Ыйааҕынан, кулун тутар 5 күнэ Норуот маастарын күнүнэн биллэриллибиттэрэ. Төрөөбүт тылбытын, култуурабытын харыстаа­һыҥҥа, сайыннарыыга саҥа төрөөбүт оҕоҕо сахалыы ааты биэрии, биитэр, ааты сахалыыга уларытыы, “уола”, “кыыһа” диир, биллэн турар, эмиэ олус улахан суолталаах. Онон, но­­руот туруорсуутунан, саха киһитэ толору сахалыы ааттаныытын өйөөн, 2012 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана  Е.А. Борисов Ыйаахха илии баттаабыта. Билигин ыччаттарбыт сахалыы ааттаахтара үөрдэр.

Татьяна МАРКОВА.

Хаартыска Борисовтар дьиэ кэргэннэрин тус архыыбыттан.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 декабря
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: