Тылгыны «Түҥ саһарҕата» нэһилиэгин дорҕоонноохтук ааттатар
Бүлүү улууһун Тылгыны нэһилиэгэр «Түһүлгэ» сынньалаҥ киинигэр ыччаттар олус сөбүлээн дьарыктаналлар.
— Кииммит ыччаты түмэ тардар биир саамай тутаах тэрилтэнэн буолар. Манна эдэр дьон сөбүлээн дьарыктанар ырыа уонна үҥкүү ансаамбыллара ситиһиилээхтик үлэлииллэр. Нэһилиэкпит киэн туттуута — «Түҥ саһарҕата» үҥкүү ансаамбыла.
Бу манна нэһилиэк ыччаттара үҥкүүгэ дьарыктанан, үгүс күрэcтэргэ кыттан кыайыы өрөгөйүн билэллэр. Ол курдук, быйыл Арассыыйатааҕы таһымнаах “Хотугу сулус” (“Северная звезда”) бэстибээлгэ кыттан, Гран-при хаһаайыннарынан буолбуттара. Бу үрдүк ситиһии буолар. Ансаамбылы «Түһүлгэ»сынньалаҥ киинин уус-уран салайааччыта Марианна Иванова салайар. Нэһилиэкпитин бары улуустааҕы тэрээһиннэргэ дорҕоонноохтук ааттатар «Түҥ саһарҕата» үҥкүү ансаамбылыгар өссө да үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт, — диэн култуура киинин бибилэтиэкэрэ Виталина Григорьева кэпсээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: