Тылгыны уонна Маҥаас нэһилиэктэрин доҕордоһууларын 55 сыла бэлиэтэннэ

Тылгыны уонна Маҥаас нэһилиэктэрин доҕордоһууларын 55 сыла бэлиэтэннэ

13.04.2024, 12:23
Хаартыска -- Иван Мосов түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүүгэ Маҥаас уонна Бүлүү улууһугар Тылгыны олохтоохторо доҕордоһууларын 55 сылын бэлиэтээтилэр.

Бу туһунан Тылгыны нэһилиэгин баһылыга Егор Иванов маннык иһитиннэрдэ:

Аҕа уустарынан чугас икки нэһилиэк ыччаттара култуураҕа уонна успуорка күрэхтэһиилэри ыытан, бэйэ-бэйэҕэ ыалдьыттаһарга сүбэлэспиттэр. Ол курдук, ааспыт үйэҕэ, 1968 сыллаахха,  Тылгыныттан Конон Потапов, Василий Борисов, Маҥаастан Прокопий уонна Николай Максимовтар нэһилиэктэрбитин сомоҕолуур  кэскиллээх санааны ылыммыттара 21-с үйэҕэ тиийэ салҕанан ыытылла  сылдьар дьоһуннаах тэрээһининэн буолар. Ол үгэс бу сыллар тухары тутуһуллан кэллэ.  Дьиҥэр үбүлүөйбүтүн былырыын 2023 сылга бэлиэтиэхтээх этибит да, кэккэ төрүөтүнэн икки өттүттэн сүбэлэһэн баран, эһиилгигэ, ол аата быйылгы сылга көһөрбүппүт. Доҕордуу көрсүһүү биэстии сыл буола-буола ыытыллар. Соторутааҕыта Тылгыныттан 80-ча киһилээх дэлэгээссийэ тиийбиппитин, маҥаастар кыралыын-улаханныын, эдэрдиин-эмэнниин таһырдьа былаахтаах, саарыктаах көрсөн долгуттулар, үөртүлэр. Икки нэһилиэк «Тулхадыйбат доҕордоһуу көмүс долгуннара» диэн дьоро киэһэни тэрийэн ыыттыбыт.

Бу күн успуорт сахалыы көрүҥнэрин өрө туттубут, талааннаах бастыҥ дьоммут ырыаларын-тойуктарын тоҕо тардан кэбистилэр.

Маннык тэрээһин нэһилиэктэри, улуустары биир сомоҕо буоларга түмэр, хас биирдиибитигэр патриоттуу тыыны саҕар.

Аны биэстии сыл буолбакка, үстүү сыл буола-буола көрсүһэр санааҕа кэллибит. Онно үлэбит ис хоһоонун, ыытыллар үлэ көрүҥнэрин эбэн, сайыннаран иһиэхпит.
… Ити курдук,    Бүлүү улууһун Тылгыны уонна Үөһээ Бүлүү Маҥаас нэһилиэктэрин доҕордоһууларын, сомоҕолоһууларын үтүө холобура атыттары угуйдун, бары улуустарынан тарҕаннын!

+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -23°Влажность: 77% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: