Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла.
Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү улууһун Тылгыны нэһилиэгиттэн, уонтан тахса киһилээх дэлэгээссийэ анаан айаннаан кэлэн эҕэрдэлээтэ. Кинилэр ортолоругар эдэр ырыаһыт чугас аймахтара, үөрэппит учууталлара, нэһилиэк дьокутааттара бааллар. Тылгынылар: «Уолбут Арассыыйа туонатыгар ыытыллар улахан куонкурустарга кыттыан баҕарарын истибиппит. Онон киниэхэ бу баҕа санаата эһиилги сылга туоларыгар анаан 100 тыһыынча солкуобайы көмө буоллун диэн туттарабыт», — диэн бэлэх ууннулар. Көмө харчыны нэһилиэк баһылыга Егор Иванов туттарда.
Оттон күнүскү 16 чаастаах кэнсиэргэ Дьокуускайга олорор биир дойдулаахтар «Сайдыы» түсмүүлэрэ талааннаах уолларыгар Иогаҥҥа анаан маастарга сакаастаан оҥотторбут кылыһах муусука тэрилин бэлэх ууннулар. Кырыымпаны биллэр маастар Егор Степанов туттарда.
Бэйэтин кэнсиэригэр Иоганн Матвеев Муслим Магомаев «Море» ырыатын толорон, кырдьык да, холкутук Арассыыйа таһымнаах ырыа куонкуруһугар кыттыан сөбүн көрөөччү дохсун ытыс тыаһынан бигэргэттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: